Сунтаарга байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр

Share

Сунтаарга байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр аһынан-үөлүнэн көмөлөһөллөр.

Сунтаар нэһилиэгэр аһы-үөлү оҥорон таһаарааччылар байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөн, 250 киилэттэн тахса ынах этин, 1 тн хортуоппуйу, 40 кг ынах арыытын биэрбиттэр.
«Сунтаар нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин көмөлөрүнэн, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьонноругар, уопсайа 30-тан тахса ыалга, аһынан-үөлүнэн көмө оҥоһулунна. Маннык кэмҥэ байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмө, тирэх буолар наада. Быстах байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар дьон уонна бэйэлэрин баҕаларынан сулуспалааччылар дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ Сунтаар нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах үлэ ыытыллар. Ол курдук, хаһаайыстыбаҕа, дьиэ тас үлэтигэр, юридическай боппуруоска, о.д.а. көмө оҥоһуллар«, — диэн этэр Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов.  Быстах хомуурга ыйытыылаах буоллаххытына, 122 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.
Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатын хаартыскалара
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago