Сунтаарга Кириһиэнньэ сөтүөтэ тэриллиэҕэ
Сунтаар сэлиэнньэтигэр тохсунньу 19 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут Кириһиэнньэ сөтүөтэ (ууга умсуу) буолуоҕа диэн «Сунтаар сонуннара» телеграм-ханаал иһитиннэрэр.
Тэрээһини Введенскэй таҥара дьиэтэ иилээн-саҕалаан ыытар. Былырыын бэс ыйыгар Сунтаардааҕы таҥара дьиэтигэр иерей Владимир Томскай диэн аҕабыт үлэлии кэлбит.
Билигин таҥара дьиэтин аннынан, Бүлүү өрүскэ ойбону алларыы үлэтэ ыытыллар. Онон тохсунньу 19 күнүгэр сарсыарда 9-11 чааска Введенскэй таҥара дьиэтигэр анал сулууспа ыытыллыаҕа. Онтон 11 чаастан киэһэ 8 чааска диэри ойбоҥҥо сөтүө тэриллиэҕэ. Манна итэҕэлиттэн тутулуга суох, ким баҕалаах кэлэн умсуон сөп.
Бу күн ыксаллаах быһыы-майгы сулууспата уонна нэһилиэк көхтөөх дьоно дьуһуурустуба олохтуохтара. Доруобуйата мөлтүү сылдьар, эбэтэр, итирик туруктаах киһи ууга киирэрэ көҥүллэммэт.
Маны тэҥэ, Кириһиэнньэ күн нэһилиэк иһэн, аһаан олорор күөлүгэр — Мохсоҕоллооххо иерей Владимир ууну сибэтии гыммытын кэннэ, биирдиилээн дьон кэлэн, сибэтиэй ууну ылыахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: