Сунтаарга саха сайдыытын туһунан кэскиллээх кэпсэтии түстэнэр

Share

Сунтаарга «Күөрэгэй» диэн түмсүү олус таһаарыылаахтык үлэлиир. Түмсүү сахалыы тылы сайыннарыыга, оҕону сахалыы иитиигэ улахан олук уурар. Бу күннэргэ саханы саха дэтэр дьоннортон биирдэстэрин Анатолий Бурнашеву дойдуларыгар ыҥыран умнуллубат көрсүһүүлэри тэрийдилэр.

Төрөөбүт төрүт тыл күннэрин түмүктээн Сибиэрэп киинигэр дьоро түһүлгэ төрүттэннэ. Оҕо-аймах араас сахалыы оонньууну өрө тутан, үөрэн-көтөн илии тутуурдаах буоллулар. Саха оонньуутун үгүһүн уһуйаан үлэһиттэрэ анаан-минээн кэлэн оонньоттулар, кинилэри кэккэ баан үлэһиттэрэ эмиэ көҕү өрө туттулар.

Хаартысканы Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА тиксэрдэ.

Киһи сөҕөр-махтайар, Сунтаар дьоно олус да элбэх сахалыы оонньууну айан-тутан ыччаты сайыннараллар эбит. Оҕо оонньуур кэмигэр ийэлэр, аҕалар көмүс ньээкэлэрин туһунан, кинилэр инникилэрин түстүүр кэскиллээх кэпсэтиигэ кыттыһаллар. Сэргэх сэһэннээх, кэрэ кэпсээннээх түһүлгэ сүрүн ыалдьыта саха тылын, култууратын сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрэ сылдьар Анатолий Бурнашев буолар.

Саха ыччатын инникилиир, кэскиллиир туһугар үлэлэһэ сылдьар күндү киһибитин биһиги дойдуга «Күөрэгэй» түмсүү салайааччыта Сардаана Афанасьева анаан ыҥырбыт. Кэлбит, көрсүһүүгэ сылдьыбыт, толору истибит төрөппүт барыта маннык кэскиллээх кэпсэтиилэр олус туһалаахтарын бэлиэтииллэр. Оҕо оонньуур кэмигэр тɵрɵппүттэр саха сайдыытын туһунан кэскиллээх кэпсэтиини түстүүллэр. Бу курдук ийэ, аҕа оҕолорун илдьэ сылдьан сайдаллар.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago