Сунтаарга суут өлөрүөхсүтү 8 сыл хаайыыга ыытта

Share

Сунтаарга арыгылааһын содулуттан тахсыбыт ыар буруйу ырытыыны түмүктүүр суут буолан ааста. Суут уурааҕынан 37 саастаах эр киһи кырбааһыҥҥа ( п.«в» ч.2 ст.115 УК РФ) уонна өлүү сылтаҕа буолбут ыар эчэйиилэри оҥорууга буруйдааҕынан билиннэ (ч.4 ст.111 УК РФ).

Силиэстийэ уонна суут быһаарбытынан, буруйдаах 2022 сыл сэтинньитигэр Сунтаар улууһун Элгээйитигэр арыгылыы сылдьан билэр киһитин дьиэтигэр ыалдьыттыы кэлбит. Онно дьиэ хаһаайына утуйа сытар эбит, кини дьиэтигэр атын ыалдьыттар бааллар эбит. Саҥа кэлбит дьону эрдэтээҥҥи ыалдьыттар үүрэн көрбүттэр, онтон уордайан буруйдаммыт эр киһи сутуругунан уонна араас малынан охсуталаабыт. Бу түмүгэр иирсээн биир кыттыылааҕа суорума суолламмыт.

Суут буруйа толору дакаастаммытын биллэрдэ уонна буруйдааҕы 8 сыл 2 ый кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа хаалларарга уураахтаата.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка суол саахалыгар икки киһи эмсэҕэлээтэ

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Судаарыстыбаннай автоинспекциятын отделениета иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээ, балаҕан ыйын 18 күнүгэр 9 чаас 30…

34 минуты ago
  • Быһылаан
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа эр дьон ууга былдьанна

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Ньурба оройуонугар икки эр киһи суорума суолланна диэн СӨ Быыһыыр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Нерюнгри диэки сир хамсаата

Нерюнгриттан  соҕуруулуу-арҕаа 57 км тэйиччи сытар сиргэ  4-4,5 бааллаах сир хамсааһына буолла. Бу туһунан ЯСИА-ҕа Арассыыйа…

2 часа ago
  • Сонуннар

Икки биэнсийэни кимнээх ылалларый?

Икки биэнсийэни кимнээх ылалларый? Бу туһунан объясняем.рф быһаарар.  [gallery ids="242654,242655,242656,242657,242658,242659,242660,242661"]

3 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (балаҕан ыйын 19-26 күннэрэ)

Хой Элбэҕи былаанныыгын уонна санааҥ күүһүн ситэри тиэрдибэккин. Санааҕын  ууран ылыстаххына, үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Ол…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 19 күнэ: ардах, хаар уонна тыал

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…

5 часов ago