Суруйааччы-суруналыыс Борис Павлов-Кэм бэйэтин кэмин ааҕааччыларын кытта көрүстэ
Киин куорат В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэтэ айар куттаах дьону чугастык билиһиннэрэн, араас көрсүһүүлэри тэрийэрэ үгэскэ кубулуйда.
Айымньылаах үлэлээх бибилэтиэкэр Екатерина Попова бэлиэтээбитинэн, кэккэ сылларга Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын эппиэттээх үлэһитэ Надежда Осипованы кытта холбоһон төрүттээбит бырайыактарын — тыйаатыр артыыстарын айар үлэлэрин кытта билиһиннэриини ааҕааччылар сөбүлээн, хаһан биллэрии тахсарын кэтии сылдьар буолбуттара. Бибилэтиэкэ уонна тыйаатыр холбоһуктаах бырайыактара «Артыыстар тапталлаах куораппыт туһунан ааҕаллар…» диэн этэ.
— Быйыл «Билсиҥ: суруйааччы уонна кини кинигэлэрэ» диэн ааптар быһыытынан тус бырайыакпын СӨ үтүөлээх суруналыыһа, суруйааччы, кинигэ таһаарааччы, «Көмүөл «кинигэ кыһатын салайаччыта Борис Павлов-Кэм саҥа кинигэлэрин билиһиннэрииттэн саҕалаатым. Тэрээһини өрүү бииргэ үлэлэһэр киһим, театровед Надежда Осипова салайан ыытта. Эрдэ ыыппыт биллэриини ааҕан, бэрт элбэх киһи кэлэн, санаа атастаһан, олус бэрт тэрээһин буолла, — диэн санаатын үллэстэр Екатерина Попова. Бибилэтиэкэр Борис Павлов-Кэм кинигэлэрин быыстапкатын билиһиннэрбитин көрсүһүү кыттыылаахтара бэркэ сэргээн иһиттибит.
Суруйааччы-суруналыыс Борис Павловы-Кэми кытта үгүс айар куттаах киһи кэлэн көрүстэ, кини кинигэлэригэр санааларын үллэһиннилэр.
Борис Павлов 1996 сыллаахха «Бэйэм кэммэр командировка» диэн кинигэтин таһаарыаҕыттан ааҕааччы биһирэбилин ылбыта. Ааптар «Кэмҥин түһэн биэримэ» диэн саҥа кинигэтэ былырыын тахсыбыта. Суруйааччы бу кинигэтигэр бэйэтин көлүөнэтин олоҕун уус-ураннык бу баардыы аһаҕастык кэпсээн, ааҕааччы киэҥ араҥатын сэҥээриитин ылла.
Борис Павлов-Кэм айымньылара нууччалыы тылбаастаммыт «Не предать время свое» иккис кинигэтин биһирэмэ ааҕааччы болҕомтотун эмиэ тарта.
Кинигэни биллиилээх тылбаасчыттар Аита Шапошникова, Алексей Амбросьев уонна Семен Феоктистов тылбаастаабыттар. Кинигэ таһын Антонина Шадрина хартыыната киэргэтэр. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, кинигэни Суруйааччылар интернациональнай сойуустара «Диалог» сиэрийэнэн, биллиилээх суруйааччы Василий Белов аатынан бириэмийэ чэрчитинэн тахсыбыт.
— Тылбаасчыттарбар таба тайанан, табылынным. Сахалыы тыыннаах дьон тылбаастаан, мин суруйар истиилбин уларыппатылар. Бу улахан табыллыы, — диэн бэлиэтээтэ Борис Павлов-Кэм.
«Билигин тылбаасчыттар кэмнэрэ» диэн туран, ыытааччы Надежда Осипова маннык бэлиэтээтэ:
Борис Павлов айар киэһэтин ырыаһыт, мелодист Марианна Макарова-Барахсаана Дьэҥкир Дорҕоон киэргэттэ.
— Биэс сыл анараа өттүгэр хоһоон суруйан саҕалаабытым. Бастаан прозаик буолуохпун баҕарбытым. Ол баҕа санаам туолан, аны бэйиэт буолуохпун баҕарбытым. Хоһооннорум ырыа буолан көтүөхтэрэ дии санаабатаҕым. Онтон Чурапчы Дириҥэр олорор Марианна Макарова- Дьэҥкир Дорҕоон сотору буола-буола мин хоһооннорбун ыллаан барда. Билигин киниэхэ махталым муҥура суох, — диэн ырыа айааччыга истиҥ махталын тиэртэ. Оттон ырыаһыт Борис хоһоонноругар ырыаны хайдах айбытын туһунан бу курдук санаатын үллэһиннэ:
Борис Павлов айымньыларын тоҕо нууччалыы тылбаастаппытын туһунан бу курдук кэпсээтэ:
— Сүрүн соругум — 90-с сылларга суруйбут айымньыларбынан интэриниэккэ аатым-суолум хааллын диэн тылбаастаппытым. Бастакы кинигэбин 200 устууканы бэйэм атыылаһан ылбытым. Ааҕааччы хайдах ылынарын билбэппин, ол эрээри тус бэйэм киһи кыбыстыбат кинигэтэ таҕыста дии санаатым.
Кинигэ үгүс айымньытын Семен Феоктистов-Сэмэй Сэмэн тылбаастаабыт. «Мин кэмим киһитэ буолан, тылбааска ыарырҕаппатаҕым» — диэн Семен Феоктистов санаатын үллэһиннэ.
Инженер идэлээх киһи нууччалыы бэркэ да тылбаастыыр эбит!
«Бэйэм кэммэр командировка» кинигэ дьоруойа, суруналыыс Вера Макарова-Бэрээдэк Биэрэ ааптартан бэйэтэ интэриэһиргиир боппуруоһун ыйытта:
Борис Павлов-Кэм туһунан кини бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ бэртээхэй ахтыыны оҥордулар:
Ити курдук, суруналыыс, суруйааччы Борис Павлов-Кэми кытта театровед Надежда Осипова бэрт кэрэхсэбиллээх тэрээһини ыытта. Көрсүһүүгэ кэлбит дьон бары Борис Павловтан » Кэмҥин түһэн биэримэ» кинигэни бэлэхтэтэн, бэркэ астынан дьиэлээтибит.
— Аны муус устарга суруйааччы, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Надежда Егорова-Намылыны кытта көрсүһүүнү тэрийэргэ былаанныыбын, — диэн бэлиэтээтэ бибилэтиэкэр Екатерина Попова.
Киһи маннык интэриэһинэй тэрээһиннэртэн бэрт үгүһү билэр уонна сэргэхсийэр. Онон В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ үлэһитигэр Екатерина Поповаҕа өссө да айымньылаах үлэни баҕарабыт уонна интэриэһинэй көрсүһүүлэри тэһийбэккэ кэтэһэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: