Суукка устата 23 ойуур баһаарын умуруорбуттар

Share

Ааспыт сууккаҕа 24 130 га уопсай иэннээх 23 ойуур баһаарын уонна 2,2 га иэннээх 1 айылҕа баһаарын умуоруорбуттар. Бу туһунан брифинг кэмигэр Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев эттэ.

Миниистири солбуйааччы иһитиннэрбитинэн, 1 751 га иэннээх 6 ойуур саҥа баһаара бэлиэтэммит. Саха сиригэр бүгүҥҥүтэ 213 421 га иэннээх 53 ойуур баһаара баара биллэр. Билигин 199 356 га иэннээх 33 баһаары умуруораллар. 50 тыһ. га кэриҥэ иэннээх 8 баһаары бохсорбуттар. “Баһаары умуруорууга 1268 киһи кыттар. 37 ойуур баһаарын тиэхиньикэтэ уонна авиация сыһыарыллыбыта. Баһаары утары оһуобай эрэсиим уонна эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр олохтоммута”, — диэн Андрей Коноплев бэлиэтиир.

Суукка устата үөһэттэн кэтээн көрүүгэ 6 уонна баһаары умуруорууга 7 салгын суудунатын туһаммыттар. Суһал ыстаап чахчытынан, баһаар тахсар кутталлаах кэмэ саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 1,5 мөл. га иэннээх 765 ойуур баһаара бэлиэтэммит. 2021 сыллаахха бу кэмҥэ 6,2 мөл. га иэннээх 1489 баһаар турбут.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бырабыыталыстыба отчуота
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Амма улууһугар икки сэлиэнньэни  гаас ситимигэр холбуохтара

Өссө икки нэһилиэнньэлээх пууҥҥа гаас киллэриитэ былааннанарын туһунан, Бырабыыталыстыба отчуотугар Амма улууһугар үлэлиир оробуочай бөлөҕү…

5 часов ago
  • Сонуннар

Массыына умайда

ЫБММ Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, бүгүн, олунньу 5 күнүгэр, 15:05  ч. Баһаарынай-быыһыыр сулууспаҕа массыына умайан…

6 часов ago
  • Сонуннар

Тыһыынчаттан тахса куортамҥа анаммыт кыбартыыра тутуллуоҕа

 “Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка табыгастаах куортам дьиэтэ” бырагыраама иитинэн 1003 кыбартыыраны тутуохтара. Бу туһунан «Центр…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр тыллары сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама үбүлээһинэ икки төгүл кэриҥэ үрдээтэ

Тыллары сайыннарар Сэбиэт мунньаҕар Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна өрөспүүбүлүкэ официальнай тылларын чөл хаалларар, сайыннарар судаарыстыбаннай…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөҥҥө суол өрөмүөнэ, муоста тутуута — харах далыгар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев салайар бөлөҕө ситэриилээх былаас…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

188 киһи бырамыысыланнаска үлэ булла

2024 сылга "Олохтоох каадырдары - бырамыысыланнаска" бырагырааманан Горнай улууһун 188 олохтооҕо үлэ булла. Бу туһунан…

7 часов ago