Суут судаарыстыба бүддьүөтүгэр 140 мөл. солк. төннөрөргө уураахтаата

Share

Өрөспүүбүлүкэ борокуратуурата бүддьүөт сокуонун ирдэбилин тутуһууну бэрэбиэркэлээтэ.

Ол түмүгэр СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «Сахабулт» АУо сөбүлэһиигэ олоҕуран субсидия быһыытынан уопсайа 140 мөл. солк. суумалаах үбүнэн хааччыйыы сорох чааһын толуйарга, соҕотуопканы тэрийиигэ уонна тирии-түүлээх сырьетун, кылааннаах түүлээҕи таҥастааһыҥҥа судаарыстыбаттан көмө бэриллибит.

Өрөспүүбүлүкэ борокуратуурата үбүлээһини биэриигэ бүддьүөт сокуонун, ону таһынан эрэгийиэннээҕи бигэргэммит бэрээдэги кэһии тахсыбытын булбут. Онон сибээстээн борокуратуура суукка 3 сөбүлэһиини дьиҥэ суоҕунан билинэн, сөбүлэһиинэн салгыы оҥоһуллубут дьайыылар дьиҥэ суохтарынан, «Сахабулт» АУо судаарыстыба бүддьүөтүгэр 140 мөл. солк. кэриҥнээх үбү төннөрөрүгэр эбээһинэстииргэ үҥсүү түһэрбит.

Борокуратуура ирдэбилин суут толору өйөөтө уонна судаарыстыба бүддьүөтүгэр 140 мөл. солк. төннөрөргө уураахтаата диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

Суут быһаарыытын туолуутун СӨ Борокуратуурата хонтуруолга тутар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago