Суутунан нэһилиэк баһылыгыттан кирэдьиит иэһэ ирдэннэ
СӨ Үрдүкү суутун гражданскай дьыалаларыгар кэллиэгийэтэ Усуйаана улууһун суутун быһаарыытын оннунан хаалларда.
Ол курдук, «Арктикатааҕы эргиэн-логистическай хампаанньа» АХ уонна Омолой национальнай нэһилиэгин баһылыга 2 607 414 солк. харчы кирэдьиит иэһин уонна 21 237 солк. судаарыстыбаннай түһээни толору төлүөхтэрэ.
Суут быһаарыытынан, былырыын кулун тутар ыйга «Арктикатааҕы эргиэн-логистическай хампаанньа» АХ уонна Омолой национальнай нэһилиэгин баһылыгын эбээһинэһин толорооччу кирэдьиит ыларга икки ардыларыгар «поручитель» буоларга дуогабар түһэрсибиттэр. Ол эрээри 2 607 414,55 солк. суумалаах кирэдьиит харчыны иэс ылааччы хампаанньа бу сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри кыраапык быһыытынан төлүүр усулуобуйатын толорботох. Итинэн сибээстээн иэс ылааччы сөбүлэһии усулуобуйатын кэспитэ билиннэ.
Сокуон ирдэбилинэн түһэрсиллибит дуогабарынан «поручитель» эмиэ кирэдьиит иэһин толору төлүүр эбээһинэстээх. Ону таһынан кирэдьиит иэһин бырыаһыана эмиэ «поручительга» сүктэриллэрэ быһаарылынна. Баһылык солбуйааччыта суут бастакы инстанциятын быһаарыытын кытта сөбүлэспэтэх уонна апелляционнай үҥсүү түһэрбит. СӨ Үрдүкү суутун гражданскай дьыалаларыгар кэллиэгийэтэ дьыала матырыйаалларын үөрэтэн баран, бастакы инстанцияҕа суут быһаарыытын уларытыыта суох хаалларда, үҥсүүнү ылыммата. Бу туһунан Саха сирин сууттарын холбоһуктаах пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: