Светлана Диодорова-Лаврентьева: «Бу барыта — норуот көмөтө! »

Share

Байыаннай дьайыыга норуот күүһүнэн элбэх көмө оҥоһуллар. «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саха сирин дьонун күүһэ – сомоҕолоһууга, түмсүүгэ буоларын  байыаннай дьайыыга көмөлөһүү көрдөрдө.

Ол курдук өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан нэһилиэнньэ баҕа өттүнэн көмөтө, аһа-үөлэ,  таҥаһа-саба быыстала суох, тиһиктээхтик Дьокуускай куоракка кэлэ турар, салгыы наарданан Москва, Санкт-Петербург, Хабаровскай, Владивосток куораттарынан госпиталларга сытар уолаттарбытыгар тиийэр.

Бу күннэргэ эмиэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Биир кэлим сүрүннүүр киин чилиэнэ Светлана Диодорова-Лаврентьева  улуустартан ыыппыт астарын тутан, тус-туспа наардаан, бэрийэн, суулаан бэлэмнии сылдьар.

«Госпиталларга эмтэнэ сытар байыастарга ас-таҥас ыытан өйүүр бар дьоммутугар барҕа махтал буоллун! Манна Чурапчы, Кэбээйи, Бүлүү, Ньурба, Таатта, Нам улуустара ыыппыт астара, Успуорт министиэристибэтин үлэһиттэрэ хомуйбут таҥастара бааллар. Биирдии дьааһыгы хастыы да хос стрейч-пленканан суулуубут, өссө бөҕөргөтөн хос скотчтуубут, быалыыбыт, бэлиэтиибит. Иһигэр туох баарын, хас киилэлээҕин суруйабыт. Бааһырбыт саллааттар дойдуларыттан иҥэмтиэлээх аһы олус күүтэллэр. Бу баартыйа  түөрт куоратынан Москва, Санкт-Петербург, Хабаровскай, Владивосток тарҕаныаҕа», — диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Биир кэлим сүрүннүүр киин чилиэнэ Светлана Диодорова-Лаврентьева махталын биллэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

10 минут ago
  • Сонуннар

Нерюнгриттан кэлбит ыалы аймахтара сүтэрбиттэрэ нэдиэлэ буолла

Дьокуускай полицията Юлия уонна Руслан Липадаттары көрдүүр. Кинилэр бу сыл ахсынньы 5 күнүттэн ыла аймахтарын…

11 минут ago
  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

22 минуты ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

40 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 час ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

2 часа ago