Святослав Софронеев: «Демография бэлиитикэтэ тупсан иһэр»

Share

«Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Финансовая поддержка семей с детьми» диэн эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак дьиэ кэргэттэр олорор  усулуобуйаларын  тупсаралларыгар туһуланар. 2023 сылга  туһааннаах  бырайыакка  4 млрд солкуобайтан тахса үп көрүллүбүт. 

«Элбэх оҕолоох ыалларга оҥоһуллар эбии төлөбүрдэр дьиэ кэргэҥҥэ улахан көмөлөөхтөр. Демография бэлиитикэтэ сайдан, тупсан иһэрин киһи бэлиэтии көрөр. Өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут салалтатыгар махталбын тиэрдэбин», — диэн этэр Святослав Софронеев.

Бэлиэтээн эттэххэ, 2019 сыллаахха СӨ аҕа баһылыга Айсен Николаев «О дополнительных мерах, направленных на поддержку рождаемости в РС(Я)» диэн ыйааҕа тахсыбыта. Бу ыйааҕынан олохтоох былаас элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ  2019 cыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүттэргэ өйөбүл эбии миэрэтин көрбүттэрэ. 14,9 тыһыынча дьиэ кэргэн  харчынан көмөнү туһаммыттара. Ол курдук биир кэмнээх көмөнү бастакы оҕо төрөөһүнүгэр 1254 дьиэ кэргэн (уопсайа  54,4 мөлүйүөн солкуобай) бастакы зонаҕа 52 790 cолк., иккис зонаҕа 44 218,0  солк. көмөнү ылбыттара.  Ону сэргэ бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ  малы-салы атыылаһарга анаан 915 киһиэхэ уопсайа  7,2 мөлүйүөн солк. көмө оҥоһуллубут.  Маны таһынан э эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын 977 киһи ылбыт.

Демография бэлиитикэтин боппуруостарын сыл ахсын ыытыллар Арассыыйатааҕы «Демографическое развитие Дальнего Востока и Арктики» диэн кэмпириэнсиэйэҕэ кэпсэтиэхтэрэ. Ахсыс төгүлүн ыытыллар кэмпириэнсийэ быйыл от ыйыгар Амурскай уобалас Благовещенскай куоратыгар ыытыллыаҕа. Манна эспиэртиир былаһааккаҕа федеральнай, эрэгийиэннээҕи былаас уорганнара, сайдыы институттарын бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбаннас, наука эспиэртэрэ кыттыыны ылыахтара. Кэмпириэнсийэни тэрийээччилэринэн Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтэ, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын Корпорацията, Амурскай уобалас бырабыыталыстыбата буолуохтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Үтүө тэрээһин

ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһаныынан Уһук Илин уокурукка инники сылдьар

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии  ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн өлбүт киһини буллулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.    Ленскэй…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээтэ

Саха сиригэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээбит. Ити…

3 часа ago