СҮБЭҺИТ: Бэйдиэ сылдьар үөр ыттан көмүскэнэбит
Күһүн, ону кытта бастакы кыһыҥҥы ыйдарга, бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо саба түһэр түбэлтэлэрэ элбиир. Үксүгэр ыттар оҕолорго эбэтэр саастаах, итирик дьоҥҥо саба түһэллэр. Хайдах бэйэбитин көмүскүүбүт?
Ыт киһи доҕоро буолбутун иһин, бастатан туран, кыыл. Бөрө, гиена адьырҕа кыылларын курдук үөрдээн сылдьар уонна киһиэхэ саба түһэр ньымата биир тэҥ. Онон бардам майгылаах ыттан хайдах көмүскэнэргэ сүрүн быраабылалары билэр тоҕоостоох.
Аан бастаан ыт үөрэ киһи иннигэр киирэн араастык үрэр уонна киһи хайдах туттарын-хаптарын, хамсанарын күүтэн кэтиир. Өскөтүн эһиги эрэллээхтик уонна куттаммакка маһы ылан үүрдэххитинэ, улаханнык ыһытыыр-хаһытыыр буоллаххытына эбэтэр тааһынан бырахтаххытына ыт үөрэ саба түспэт диэн кинологтар быһаараллар.
Кинологтар суруйалларынан, ыт саба түһэр буоллаҕына, хайаан даҕаны туох эрэ төрүөт баар буолар. Бастакытынан, ыт бэйэтин территориятыттан көҥөнөр. Сорох дьон, бэйдиэ сылдьар ыттары аһатар үгэстээх. Эспиэрдэр быһааралларынан, ити төрдүттэн сыыһа быһыы-майгы буолар. Ыт оннук аһыыр сирин, бэйэтин бас билэр сирин курдук ылынан, туора дьону атыҥырыы көрөр буолар. Ол туһуттан, кини киһиэхэ киҥнээхтик сыһыаннаһар уонна саба түһэр куттала үөскүүр. Иккиһинэн, ыт аччык кэмигэр, илии тутуурдаах дьону болҕомтотугар ылар. Маннык түгэҥҥэ ыт киһиэхэ сүүрэн кэлэн, көннөрү сытырҕалыан, интэриэһиргиэн сөп. Манна киһиттэн тутулуктаах. Саба түһээри гыммыт ыт туруга уларыйар – ырдьыгыныыр, кутуругун хамсатар, кулгааҕа, атаҕа күүрэр, көхсүн түүтэ турар. Маннык түгэҥҥэ хамсаама, куотума диэн эспиэрдэр сүбэлииллэр.
Сүүрэн иһэр киһини ыт кэнниттэн эккирэтэр, бултаһыы курдук ылынар, инстиниэ оонньуур. Эккирэтиэн баҕарбатах да ыт кэннигиттэ түһүнүө. Ыкка көхсүгүнэн эбэтэр ойоҕоскунан эргийимэ, уун утары харахха көрүмэ. Синньигэс уонна чуумпу куоласкынан саҥарыма, үөрүмэ (тииски көрдөрдөххүнэ ырльайыы курдук ылыныан сөп). Дьон биири өйдүөхтээх. Ол курдук, үөр ыттар сылдьар сирдэрин тумна сатыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: