СҮБЭҺИТ: Халтараантан сэрэниҥ!
Халтараан кэмэ кэлэн, уулуссаҕа сатыы да, массыыналаах да киһиэхэ улахан мэһэйдэр үөскүүллэр. «Хайдах эрэ гынан охтубатах киһи» диэн санааҕа ылларан, уулуссаны сэрэнэн-сэрбэнэн туоруугун.
Аны бу туораан истэххинэ, массыына халтарыйан таарыйан аастаҕына да көҥүлэ. Ол да иһин, бу кэмҥэ оһоллонуу, илиини-атаҕы бүлгүрүтүү эбэтэр уҥуох тостуута икки төгүл элбиир. Онуоха эмчиттэр маннык быраабылалары тутуһарга сүбэлииллэр:
– Халтарыйбат атах таҥаһын кэт;
– Хааман иһэн атаҕыҥ тумсун көр, тоҥ муус үөскээбит сирин «хайыһардьыт» курдук туттан сэрэнэн туораа;
– Кыра-кыратык хардыылаа;
– Уллуҥаххынан сэрэнэн үктэн, тобук сүһүөҕүн арыый босхо ыытан хаам;
– Илиигин сиэпкэр уктарыҥ охтор кутталы улаатыннарар, онон илиигин төһө кыалларынан босхо ыыт;
– Кырдьаҕас киһи эрэһиинэ уллуҥнаах эбэтэр анал тайахтаах сырыт;
– Халтарыйар түгэҥҥэ чэпчэкитик охтор туһуттан түргэнник олоро биэрэ сатаа, турарга тиэтэйимэ, кими эмэ көмөлөһүннэр.
edersaas.ru архыыбыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: