Тууһуурга сиппит, сибиэһэй хаппыыста үчүгэй. Наһаа кыра хачаан соччо табыгаһа суох. Туох ханнык иннинэ хаппыыста тас өттүнээҕи күөх уонна алдьаммыт сэбирдэхтэрин быһан быраҕабыт. Хачааны хайдах табыгастааҕынан, бөдөҥү түөрт гына, ортону икки гына аҥардыыбыт.
Төрдүн бүтүннүүтүн оҥон ылан кэбиһэбит. Сэбирдэхтэрин 5 миллиметр кэтиттээх гына сытыы быһаҕынан кырбыыбыт. 10 киилэ кырбаммыт хаппыыстаҕа 180-200 грамм туус сөп буолар. Ону таһынан сөбүлүүр буоллахха, 350 грамм моркуобу кутабыт, лавровай сэбирдэх эбэбит. Сорохтор сиэдэрэйдээн кэнники кэмҥэ 1 киилэ кырбамматах дьаабылыканы, 350 грамм уулаах отону кутар буоллулар. Ити эрээри, өр сыллаах уопут көрдөрөрүнэн, тууһанар хаппыыстаҕа туустан ураты тмини (1 биэдэр хаппыыстаҕа 2-3 остолобуой ньуосканы) кутар
үчүгэй. Атыны тугу да мээнээбиллибэт.
* Моркуобу кутар буоллахха сууйан, хахтаан баран сайҕыыбыт уонна синньигэс уһун гына эбэтэр чараастык кэрчиктээн быһабыт. Киэҥ харахтаах теркаҕа анньар эбэтэр эт эрийэринэн эрийэр эмиэ куһаҕана суох.
* Дьаабылыканы эмиэ кичэллээхтик сууйабыт, бүтүннүү эбэтэр аҥардаан, сиэмэлэрин хаатын кытары оҥо быһан ылан быраҕан баран кутабыт.
* Уулаах отону тууһанар хаппыыстаҕа булкуйарга, үчүгэйдик ыраастаан, икки-үс ууга сууйан кутуллар.
* Тмини, атын да тумалары ыраастаан, үчүгэйдик талан кутабыт.
Туус хайаан да бастыҥ суортаах буолуохтаах. 10 лиитэрэ истээх иһит түгэҕэр ыраас хаппыыста сэбирдэҕин тэлгэтэбит. Ол үрдүгэр кырбаммыт хаппыыстаны, онтон моркуобу, тууһу,
дьаабылыканы эбэтэр отону, онтон эмиэ хаппыыстаны араҥа-араҥа кутуталаан иһэбит. Тупсарар тумалары тууһу кытары урут булкуйабыт. Хаппыыста хас биирдии араҥатын чиҥэтэн биэрэбит.
Өстүөкүлэ бааҥкаҕа эбэтэр лаахтаах биэдэрэҕэ туустуурга хаппыыстаны моркуобу уонна атын да эбиликтэри кытары туспа тааска дуу, көстүрүүлэҕэ дуу булкуйан баран кутабыт.
Эмиэ чиҥэтэбит. Иһити толору кэриэтэ кутан баран үрдүнэн ыраас сэбирдэхтэринэн сабабыт.
Нөҥүө күнүгэр хаппыыстабыт чиҥээн аллара түстэҕинэ, саҥаны кырбаан эбии кутан толоробут. Уута олус элбэх таҕыстаҕына, ытык угунан дьөлүтэ анньан
биэрэбит. Күүгэннирдэҕин ахсын ону холбуйан иһэбит.
Хаппыыста аһыйарыгар саамай табыгастааҕынан 18-20 кыраадыс сылаас буолар. Биир нэдиэлэнэн хаппыыстабыт ситэр.
Ону биирдии эбэтэр балтараалыы киилэлээх буорсуйаларынан салапаан мөһөөччүктэргэ кута-кута, тоҥорон уурабыт.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…