СҮБЭҺИТ: Оҕоҕо хайдах саҕынньах ордугуй?

Share

Биһиги оҕолорбутун сылаас эрэ буоллун диэн таҥыннарбаппыт. Оҕо эмиэ тупсаҕай таҥаһы, муоданы батыһан таҥныан баҕарарын учуоттаан, кэрэ көстүүлээх таҥаһы атыылаһабыт. Ол курдук, оҕоҕо саҕынньаҕы атыылаһарга үгүс өрүтүн учуоттаан ыларга сүбэлииллэр.

Кырачааҥҥа куруолук, тииҥ уонна бараан тириититтэн тигиллибит саҕынньах ордук

Бу тириилэр көрүүлэрэ-истиилэрэ судургу, бээтинэни иҥэриммэттэр. Бараан тириититтэн саҕынньах сылаас буолан, кырачаан хабараан тымныыга да тоҥмот. Итиэннэ бу тирииттэн саҕынньах бөҕө уонна үйэлээх. Бу эрэ тирии оҕо сүүрүүтүн-охтуутун тулуйуон сөп.

Куруолук уонна тииҥ тириилэриттэн саҕынньах көстүүтэ кэрэ уонна сымнаҕас. Ол эрээри, бөҕөтө суох, 3 эрэ кыһын кэтиллэллэр.

Оҕо улаатар, ол иһин хайдах даҕаны уһун кэмҥэ кэтиэ суоҕун курдук саныыгын. Ол гынан баран, саҕынньах оҕону кытта «улаатыан» сөп. Кыччаабыт саҕынньах тэллэҕэр, сиэҕэр тирии, замша кырадаһынынан эбии тигэн биэриҥ.

Саҕынньаҕы атыылаһаргытыгар, бастатан туран, кини тириитин хаачыстыбатыгар болҕомтоҕутун ууруҥ. Кичэллэн тигиллибит саҕынньах тигиитин суолуттан тута көстөр. Итиэннэ сымнаҕас уонна ыйааһына чэпчэки буолуохтаах.

Оҕо сүүрбэккэ-көппөккө, хамсаабакка сылдьыбат. Онуоха сону харыстаан , кини оонньуурун бобумаҥ. Саҕынньаҕы ыраастыахха, чөлүгэр түһэриэххэ сөп.

Саҕынньаҕы уһун үйэлиибит

— Сиигирбит саҕынньаҕы итиигэ (оһох таһыгар, батареяҕа) куурдумаҥ.

— Саҕынньах куурбутун кэннэ уруккутун курдук килэбэчийбэт буоллаҕына, тимир тарааҕынан сэрэнэн тарааҥ.

— Саһарбыт үрүҥ саҕынньахха маннай куруппаны таммалатыҥ уонна сотуҥ.

— Саҕынньахха тимэх тигэргэ кэннигэр тирии сыыһын тутан тигиҥ.

edersaas.ru архыыбыттан.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

15 часов ago