Хаартыска: куйаар аһаҕас ситимиттэн
Үүнээйилэргитин доруоһа көөнньөһүгүнэн ыстара сылдьыҥ, оччоҕо помидоргут, оҕурсугут тугунан да ыалдьыахтара суоҕа. Үүнээйилэргит тута үүнүүтэ эбиллиэҕэ, түргэнник сибэккилэниэ уонна аһын өлгөмнүк биэриэ.
3 лиитэрэ ууну 38°С диэри сылытабыт (онтон үөһэ буолуо суохтаах, доруоһа өлөн хаалыа). Онно 10 остолобуой ньуоска саахары уонна 10 гр кураанах доруоһа паачкатын суурайабыт.
Иһиккитин 3 лиитэрэттэн улаханы ылыҥ, тоҕо диэтэр доруоһа үллэн, көбөн тахсыа, кээмэйэ 2-2,5 төгүл улаатыа. Доруоһаны 6-8 чаас устата көөнньөрө уурабыт, кэмиттэн кэмигэр булкуйан биэрэбит.
Бу эбии аһатыыны сарсыарда оҥорор ордук, киэһэ куйаас түспүтүн кэннэ ыстарар тэриллээх оҕуруокка тахсарга табыгастаах.
Доруоһа көөнньөн бүтээтин кытта, биэдэрэҕэ 7 лиитэрэ уу кутабыт уонна онно 3 лиитэрэлээх доруоһа көөнньөһүкпүтүн эбэбит. Бу курдук суураллыбытынан ууну ханнык баҕарар оҕуруот аһын аһатан кутуохха сөп.
Оҕурсуну – 10-12 хонукка биирдэ, оттон помидору уонна атын оҕуруот астарын 15 хонукка биирдэ хас биирдии умнаһын анныгар биирдии лиитэрэлээх бааҥканан кутан биэрэбит. Оччоҕо үүнээйигэ туһалаах доруоһа тэллэйдэрэ олохсуйан, буортулаах микроорганизмнары суох оҥороллор.
Помидоргутун, оҕурсугутун икки нэдиэлэ арыттаан доруоһанан аһатар буоллаххытына үүнээйилэргит ыалдьыахтара суоҕа, фитофтороз диэн тугун умнуоххут. Үүнээйи сэбирдэҕэ чаҕылхай от күөх өҥнөнөн, доруобай туруктанан, бэйэтэ түргэнник улаатан, сибэккитэ хойдон, аһа элбээн барар.
Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга мунньуллар биэнсийэлэриттэн 440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…
Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…
Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ үгүс дьокутааты…
Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…
“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…
Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…