Сүбэлэр: оҕуруоччуттарга ый халандаара

Share

2024 сылга оҕуруот аһын олордуунан дьарыктанааччыларга куйаар ситимиттэн сүбэлэри түмэн, ый халандаарын (лунный календарь) таһаарабыт. Быйыл ыам ыйыгар хаһан уонна тугу олордор табыгастааҕый?

Ыам ыйыгар быйылгы ый халандаарынан үүнээйини олордууга ордук табыгастаах күннэринэн ыам ыйын 12–13, 17, 21, 22, 30, 31 күннэрэ буолаллар. Оттон ыам ыйын 23 күнүгэр тугу да олордубаккытыгар сүбэлииллэр. Мантан атын күннэргэ үүнээйи олордор буорун бэлэмнииргэ, арассаадаларга эбии уоҕурдуу кутарга, учаастагы ыраастыыр, хомуйар үлэлэрэ ыытыллыахтаах.

Ыам ыйын 12-13 күннэригэр сүбүөкүлэ, эрэдиискэ, дайкон, эриэппэ, горох сиэмэлэрин буорга ыһыллыахтаах. Маныаха биири өйдүөх тустаахпыт – сир 18 кыраадыс сылаас буолуохтаах. Бу кэмҥэ элбэх сыллаах сибэккилэр, талахтар сиэмэлэрин арассаадалыыллар.
Ыам ыйын 12, 13, 19, 20, 21 уонна  22 күннэригэр кабачки, патиссон уонна баклажан сиэмэтин ыһар ордук.
Ыам ыйын 17, 21 уонна 22 күннэригэр эрдэ үүннэриллибит элбэх сыллаах үүнээйилэри араартыыллар.

Ыам ыйын 20 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри хортуоппуйу олордуллар.
Бэс ыйын 5-15 күннэригэр дьиэҕэ арассаадалаабыт сибэккилэри таһырдьа таһаарыллар.
Бэс ыйын 1-30 күннэригэр эрэдиискэни, салааты, укуруобу, шпинаты, луугу сиэмэнэн буорга ыһыахха сөп.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Билим ситиһиитин бэлиэтэ уонна Саха сирин сайдыытыгар кылаат

2025 сыллаахха Саха сиригэр уһулуччулаах учуонай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Анатолий Попов өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин уонна билимин…

5 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Бэтэрээн бырайыага  быыһааччылар үлэлэрин түргэтэтэргэ көмөлөһүөҕэ

СӨ инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Петр Николаев байыаннай дьайыы  бэтэрээнэ, “Саха сирэ…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«ДАРХАН УУС»: ирбэт тоҥ хатан тимирин кылаан тургутуга

Саха тимирэ, тимиринэн уһаныы – бу саханы саха дэппит, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга биһигини киһи-хара…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан «Цифровой капитал региона» диэн стратегическай сиэссийэҕэ кытынна

Ил Дархан Айсен Николаев  Москваҕа  судаарыстыбаннай салайыы норуоттар икки ардыларынааҕы бастакы конгреһыгар   «Цифровой капитал региона»…

45 минут ago
  • Бырабыыталыстыба отчуота
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүҥҥүттэн Бырабыыталыстыба отчуота Нерюнгри оройуонугар саҕаланар

Бүгүн, олунньу 12 күнүгэр, Нерюнгри оройуонугар СӨ Бырабыыталыстыбатын 2025 сыллааҕы үлэтин отчуота саҕаланар.  Икки бөлөх …

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Сырдыгы, сылааһы саҕааччылар” кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста

Сергей Васильев - Борогонскай аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар «Сырдыгы, сылааһы саҕааччылар» диэн Уус…

2 часа ago