«Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ-2023″ өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл кыайыылаахтара билиннилэр

Share

Бүгүн, от ыйын 6 күнүгэр  «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ-2023″ өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтилэр.

Ол иннинэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев  Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бэстибээл кыайыылаахтарын быыстапкатыгар кытынна. Хас биирдиилэрин кытары көрсөн кэпсэттэ, туох ситиһиилээхтэрин, кыһалҕаларын ыйыталаста.

Айсен Николаев кыайыылаахтары эҕэрдэлээн, кинилэргэ наҕараадалары -– Ил Дархан бириэмийэлэрин туттарда.

«Саха сирэ куруук бигэ тирэхтээх уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэринэн сураҕырар. Биһиги кыайыылаахтарбыт бары -– төрөппүт эппиэтинэһин уонна дьиэ кэргэн сыаннастарыгар эрэллээх буолуу холобурдара. Чуолаан маннык дьиэ кэргэттэр биһиги үгэстэрбитин -– кырдьаҕас көлүөнэҕэ кыһамньыны, оҕолору төрөөбүт дойдуларыгар, дойдуга ытыктабыллаах сыһыаҥҥа иитиини илдьэ сылдьааччыларынан буолаллар», -– диэтэ Айсен Николаев.

Кыайыылаахтар маннык номинацияларынан быһаарылыннылар:

«Кыһыл көмүс дьиэ кэргэн» -– Наталья Николаевна уонна Павел Павлович Бурмаколар  (Өлүөхүмэ улууһа);
«Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн» — Саргы Владимировна уонна Ян Андреевич Боягирдар (Өлөөн эбэҥки национальнай улууһа);

«Тыа сирин дьиэ кэргэнэ» -– Туйаара Ивановна уонна Данил Данилович Павловтар (Чурапчы улууһа);
«Оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэн» -– Светлана Афанасьевна уонна Владислав Владимирович Ксенофонтовтар (Хаҥалас улууһа);
«Дьиэ кэргэн -– үгэстэри харыстааччы» -– Марина Ильинична уонна Геннадий Ильич Слепцовтар (Дьокуускай куорат);
«Эдэр дьиэ кэргэн» -– Мария Анатальевна уонна Петр Петрович Стручковтар (Булуҥ улууһа).

«Эдэр дьиэ кэргэн» номинация кыайыылаахтара — Булуҥ улууһуттан сылдьар Мария, Петр Стручковтар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

2 часа ago