«Тырааныспар инфраструктуратын саҥардыы» национальнай бырайыак иитинэн, бу сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ өссө үс аэропорка үлэ түмүктэниэ. Билигин үлэлэр Черскэйгэ, Уус Ньараҕа уонна Нерюнгрига бүтэн эрэллэр.
«Тырааныспар инфраструктуратын саҥардыы» национальнай бырайыак Арассыыйа бэрэсидьиэнин сорудаҕынан олоххо киллэриллэр. Владимир Путин этэринэн, бу дьоҥҥо-сэргэҕэ, экэниэмикэни көҕүлүүргэ, дойду технологическай суверенитетын бөҕөргөтөргө кыаҕы биэрэр.
Сэтинньигэ Черскэй аэропордугар сөмөлүөт көтөр-түһэр балаһата үлэҕэ киллэриллиэ. Манна үлэ ыытылларынан сибээстээн, 2021 сыл сэтинньититтэн пассажирдары Орто Халыма пордугар тиксиһиннэрэн Ми-8 салгын аалынан көтүтэллэр. Маны сэргэ, бу сыл бүтүөр диэри Нерюнгри аэровокзалын комплекса үлэҕэ киириэ. Манна даҕатан аҕыннахха, 2021 сыллаахха салгын аалын көтөр-түһэр балаһатын уларытан оҥоруу үлэтэ болдьоҕун иннинэ түмүктэнэн турар. Маны таһынан, Уус Ньара аэропордугар сөмөлүөт көтөр-түһэр балаһатын, перрону оҥорон бүтэрэр былааннаахтар.
Кэлэр 2024 сылга Өлүөхүмэҕэ, Полярнайга салгын аалын көтөр-түһэр балаһатын уларытан оҥорууну уонна Мииринэйгэ аэропорт комплексын тутууну түмүктүүр былааннаахтар.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3375187 манна ааҕыҥ.
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…