Сүрэҕиҥ тэптэ?

Сүрэҕиҥ тэптэ?

07.11.2023, 12:38
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Дьэ, саха тыла уус, дириҥ, мындыр, иһэ истээх. Саарыыр киһи эмиэ “Сүрэх тэппэ-эт” диэччи. Оттон “сүрэҕиҥ битийэ тэптэҕинэ”, ол аата бүппүккүн, “таптал кутаатыгар умайбыккын”, өтөрүнэн өрүттүөҥ биллибэт диэн биири саныыгын.

Тоҕо итинник сэһэргэһиини көҕүлээтим? Оруннаах. Саха сиригэр ыалдьар сүрэҕи эмтииргэ, элбэх саҥа эпэрээссийэлэри саҕалаабыт-көҕүлээбит үтүөлээх соҕотох киһи баар. Ол Петр Иванович Захаров. Кини субу соторутааҕыта “Сүрэх хирург хараҕынан” диэн туох да ааттаах үчүгэй кинигэни ааҕааччыларга бэлэх уунна. Атыы-эргиэн дьарыктаахтар иһитиннэрэлллэринэн, кинигэ аҥаарыттан ордуга биир эрэ ый иһинэн атыыга бүппүт. Чахчы сүрэх үөрэр түмүгэ чугаһаабыт.

Ураты суруйуу

“Сүрэх хирург хараҕынан” уус-уран айымньы түмүллүбүт  кинигэтэ буолбатах. Бу мэдиссиинэ эйгэтиттэн сүрэххэ чопчу сыһыаннааҕы уу сахалыы быһаарар, кэпсиир, анаарар  быраас, хирург киһи бэйэтин тус суруйуута. Кини хас биирдии хамсаныытын, көрүүтүн, ыарыы туһунан санаатын түмэрэ барыта сахалыы тыынынан бэриллэрэ ураты дьикти уонна сэдэх.

Бу күннэргэ кинигэни биһирэмнээтилэр даҕаны, автограф-сиэссийэ оҥорон баҕалаахтар ааптарга илии баттатан, анабыл суруйтаран ыллылар. Киһи бөҕөтө тоҕу анньан кэлэн соһутта. Улахан дуоктартан араас ыйытыкка харда ыллылар, үлэтин тула киэҥ кэпсэтиини көҕүлээтилэр, сүрэхтиин дуоһуйдулар…

Уу сахалыы тыын—күүс

Петр Иванович саха тылын баһылаабыт киһи эбит. Олус да бэркэ этэр-тыынар: оргууйдук, лоп бааччы, ылыннарыылаахтык уонна билбитигэр олоҕуран итэҕэтиилээхтик. Итиэннэ үөрэппит уолаттара, эдэркээн хирурдар бука бары сахалыы тылынан саҥаран соһуттулар да, үөртүлэр да. Саха киһитэ иһиттэн сэрэйэр күүстээх, итини нууччалыы интуиция дииллэр. Биттэнэр уратылаах, сорохтор ону дежавю да диэҥ. Оччотугар чахчы саха киһитэ, ордук маннык сэдэх эйгэҕэ үлэлиир, өлүүлүүн күннэтэ кэриэтэ туруулаһар дьон төрүт күүстэн-тылтан тэйбэттэрэ ордугун сүрэххинэн сэрэйэҕин…

Норуотугар бэриниилээх

Хаһан эрэ Петр Захаров “тоҕо сахалыы суруйа сатаатыҥ, бары ааҕалларын курдук нууччалыы суруйуоххун” диэбиттэригэр: “Нууччалыы ааҕарга суруйуу элбэх, мин кэнэҕэскитин хирург буолуон баҕалаахтар сахалыы анаарыахтарын уонна  бэйэм  билбиппин-көрбүппүн сүбэ курдук кинилэрдиин эрэ үллэстиэхпин баҕарабын”,—диэбит этэ.

Олус да хайгыы уонна киэн тутта истибитим. Диэх да курдук. Биһиэхэ сахаларга бэйэбит хирургияламмыппыт ыраатта эбээт. Ардыгар суола-ииһэ лаппа атын диэх курдук кэпсииллэр. Сөп дии, саханы мындыр диибит, ол аата тус толкуйунан салайтарар киһи киэнэ атын буолумуна? Уустук эпэрээссийэҕэ туран үксүгэр уталыппакка суһал быһаарыныыны ылынар түгэн элбэҕэ буолуо эбээт. Оо, төһөлөөх билии-көрүү, сыра-хара эрэйиллэрий?! Эппит курдук, хайдахтаах курдук ис күүстээх, бөҕө сүрэхтээх хирург өлүү ытарчатыттан ыарыһаҕын кытаахтаһан ылан хааларын… таҥара эрэ билэн эрдэҕэ…

Саҥа кинигэтэ суруй!

Ити кинигэ биһирэмигэр уонна сэмсэ илии баттааһыҥҥа сылдьыбыттар улахан быраастан, чулуу дуоктартан көрдөһөн тыл эттилэр:

-Петр Иванович, бачча сыл тухары атын быраас да, көннөрү киһи да билбэт элбэх түгэнэ мунньуллубут буолуохтаах. Ыалдьар киһи үтүөрүүтэ эмчиттэн тутулуктаах, ардыгар уһун-синньигэс. Сүтүк да баар буолар… Ыарыыбыт да уустуга бэрт буолуохтаах. Онон ити туһунан суруйарыҥ буоллар, сахаҥ норуота махталлаах да буолуох этэ.

Сылтан сыл ааһан иһиэ. Олохпут ыччаппытыгар ананар. Кинилэр ситиилэрэ-улаатыылара туохха дьулуһалларыгар тирэх-көмө буоллун диэн айа-тута олордохпут. Дуоктар Захаров тугу да суруйдун-бичийдин, суруллубут—суоруллубат, үйэ тухары туһалааҕынан эрэ илгийиэ, өй-санаа эпсиэ.

Ол кэрэһитинэн буолла, илии баттатан ыларга эдэркээн уол оҕо тиийэн кэлбит, мэдисиинэ үнүстүүтүгэр 2-с кууруска үөрэнэр Мэҥэ-Хаҥалас ыччата. Хирург буолуон баҕарар оҕо биллиилээх кардиохируру илэ көрсөн тылын-өһүн истээри уонна алгыс тылын  ылаары маҕаһыыҥҥа тиийэн кэлбит. Соругун ситистэ, кинини Захаров курдук улахан дуоктар үөрэ көрүстэ итиэннэ үтүө баҕа санаатын тиэртэ. Сүрэх дуоһуйуута, сүрэх тиҥиргэччи тэбиитэ, дьэ ити.

             Анисим НЕУСТРОЕВ

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: