С.Новгородов аатынан «Айар» кинигэ национальнай кыһата саха уонна элбэх омук дьоно умсугуйа аахпыт, тыйаатыр сыанатыгар көрбүт «Сүрэх тэбэрин тухары» арамааны бэчээттээн, ааҕааччыларга күндү бэлэҕи оҥордо.
«Саха литературатын саҥа кэрдиискэ таһаарбыт уонна сайдар суолун тэлбит Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамаана — күн бүгүн ааҕааччы кутун тутар, суолтатын сүтэрбэт үйэлээх айымньы. Ол кистэлэҥэ Софрон Данилов айар үлэтигэр дьоруойун ис дууһатын, туругун арыйан кини кимин-тугун, оҥорор дьыалатын ис санаатынан бигэргэтэн ааҕааччыны итэҕэтэригэр, айымньытын күүстээх психологизымнаах оҥоруутугар сытар.
Кырдьык даҕаны, арамааны аахпатах да киһи айымньы аатын, дьоруойдарын билэр. «Сүрэх тэбэрин тухары» афоризм буолан култуура араас эйгэтигэр, күннээҕи да олоххо туттуллар. Оттон Аласов саха учууталын бастыҥ хомуур уобараһа буолар, бэйэтин кэмигэр үгүс ыччаты учуутал идэтигэр угуйбута, билигин таһымнаах учууталы Аласов курдук дииллэр», -– диэн «Айар» кинигэ кыһата үөрүүлээх сонунун иһитиннэрдэ.
Саха сирин норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов саха литэрэтиирэтигэр маҥнайгы социальнай психологическай арамаанын 1950-51, 1962-1966 cылларга суруйбута. 1967 cыллаахха суруйааччы бу арамаанын иһин П. А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбыта. 1970-с сыллардаахха арамаан нууччалыы тылбаастанан, Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн биллибитэ, ааҕааччы биһирэбилин ылбыта. Айымньы өссө «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэнэн, бу сылларга сурунаал муҥутуур ахсаанынан тахсыбыта. Ол эбэтэр сурунаал тахсар ахсаана сэттэ тыһыынчаттан сүүрбэ биир тыһыынчаҕа диэри улааппыта.
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…