Салгыы
«Сүрэх тэбэрин тухары» арамаан бэчээттэнэн таҕыста

«Сүрэх тэбэрин тухары» арамаан бэчээттэнэн таҕыста

06.08.2023, 17:30
Хаартыска: "Айар" сайтыттан.
Бөлөххө киир:

С.Новгородов аатынан «Айар» кинигэ национальнай кыһата саха уонна элбэх омук дьоно умсугуйа аахпыт, тыйаатыр сыанатыгар көрбүт «Сүрэх тэбэрин тухары» арамааны бэчээттээн, ааҕааччыларга күндү бэлэҕи оҥордо.

«Саха литературатын саҥа кэрдиискэ таһаарбыт уонна сайдар суолун тэлбит Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамаана — күн бүгүн ааҕааччы кутун тутар, суолтатын сүтэрбэт үйэлээх айымньы. Ол кистэлэҥэ Софрон Данилов айар үлэтигэр дьоруойун ис дууһатын, туругун арыйан кини кимин-тугун, оҥорор дьыалатын ис санаатынан бигэргэтэн ааҕааччыны итэҕэтэригэр, айымньытын күүстээх психологизымнаах оҥоруутугар сытар.

Кырдьык даҕаны, арамааны аахпатах да киһи айымньы аатын, дьоруойдарын билэр. «Сүрэх тэбэрин тухары» афоризм буолан култуура араас эйгэтигэр, күннээҕи да олоххо туттуллар. Оттон Аласов саха учууталын бастыҥ хомуур уобараһа буолар, бэйэтин кэмигэр үгүс ыччаты учуутал идэтигэр угуйбута, билигин таһымнаах учууталы Аласов курдук дииллэр», -– диэн  «Айар» кинигэ кыһата үөрүүлээх сонунун иһитиннэрдэ.

Саха сирин норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов  саха литэрэтиирэтигэр маҥнайгы социальнай психологическай  арамаанын 1950-51, 1962-1966 cылларга суруйбута. 1967 cыллаахха суруйааччы бу арамаанын иһин П. А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбыта. 1970-с сыллардаахха арамаан нууччалыы тылбаастанан, Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн биллибитэ, ааҕааччы биһирэбилин ылбыта. Айымньы өссө «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэнэн, бу сылларга сурунаал муҥутуур ахсаанынан тахсыбыта. Ол эбэтэр сурунаал тахсар ахсаана сэттэ тыһыынчаттан сүүрбэ биир тыһыынчаҕа диэри улааппыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: