Салгыы
Сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү бастакы миэстэҕэ турар

Сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү бастакы миэстэҕэ турар

25.05.2023, 18:00
Хаартфыска: СИА
Бөлөххө киир:

Сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү бастакы миэстэҕэ турар. Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин (ВОЗ) чахчыларынан, сыл аайы 17,9 мөлүйүөн киһи бу ыарыылартан өлөр. Хас мүнүүтэ ахсын аан дойдуга 7 киһи инфарктыыр.

Арассыыйаҕа балаһыанньа өссө мөлтөх. Сыл аайы 1 мөлүйүөн киһи сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлөр. 100 тыһыынча киһиэхэ таһаардахха, Европа дойдуларын кытары тэҥнээтэххэ, бу сыыппара 2 төгүл, аан дойду үрдүнэн орто көрдөрүүттэн 1,5 төгүл элбэх. 2006 сыллаахха Арассыыйаҕа өлүү уопсай ахсаанын 55%-на сүрэх-тымыр ыарыыларыттан тахсар этэ.

Тустаах судаарыстыбаннай бырагыраама ылыллан үлэлиэҕиттэн, бу көрдөрүү намтаабыта. 2019 сыллаахха бу сыыппара 46%-ҥа тэҥнэспитэ. Ол да үрдүнэн, 10 мөлүйүөн киһи ишемическэй ыарыыттан эрэйдэнэр. Кэнники кэмҥэ инфаркт, инсульт “эдэримсийэн” иһэрин бэлиэтииллэр.
Саха сиригэр “2019-2024 сылларга сүрэх-тымыр ыарыыларын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырагыраама үлэлиир. Саха сиригэр, атын эрэгийиэннэри кытары тэҥнээтэххэ, сүрэх ыарыһахтар ахсааннара лаппа үрдүк.

“Сахастат” дааннайынан, 1990 сыллаахха 100 тыһыынча киһиэхэ тиксэринэн, сүрэх-тымыр ыарыыларыттан 234 эр киһи, 223 дьахтар өлөр эбит буоллаҕына, 2010 сыллаахха муҥутаан эбиллэ сылдьыбыт (549 эр киһи, 393 дьахтар).  Билигин арыый намтаабыт – 462 эр киһи, 351 дьахтар. Ол аата сыл аайы 7-8 тыһыынча киһи сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлөр. Ол курдук, нэһилиэнньэ өлүүтүн 45,1%-на – сүрэх-тымыр ыарыыларыттан, 17,8%-на — искэнтэн, 15,6% — атын төрүөттэн буолар.
Сүрэх-тымыр диспансера тутуллуоҕуттан, сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү 10% аҕыйаата диэн быраастар бэлиэтииллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: