Сүрүн ыйытыы — дойдуларыттан кэлэр баһыылкалары тарҕатыы

Share

Москва куоракка Кэлим сүрүннүүр киин “быһа лиинийэтэ” аһыллан үлэлиэҕиттэн, икки нэдиэлэ устата байыаннай сулууспалаахтартан 120 ыйытыы киирдэ.

Эдэр дьон ордук аймахтара кинилэргэ ыыппыт суруктарын уонна баһыылкаларын тиэрдии туһунан ыйыттылар.

«Алтынньы ортотуттан биһиги байыаннай сулууспалаахтары кытта сибээстэһэр “быһа лиинийэни“ олохтообуппут», – диэн бэлиэтээбитэ Ил Дархан Айсен Николаев. Ортотунан манна күҥҥэ 5-6 ыйытыы киирэр. Сүрүн боппуруостар – байыаннайдары  экипировканан, наадалаах малынан-салынан, сэбиргэлинэн хааччыйыы, аймахтары кытта ыкса сибээс. Бу күннэргэ Саха сириттэн байыаннай сулууспалаахтарга таһаҕас тиэрдиитин тэтимирдиини быһаарыахтара.  Алтынньы 20 күнүттэн суукканы эргиччи үлэлиир “быһа  лиинийэ” нүөмэрэ хас биирдии Саха сириттэн быстах кэмҥэ анал байыаннай эпирээсийэҕэ ыҥырыллыбыт киһиэхэ тиэрдиллибит. Боппуруос барыта болҕомтоҕо ылыллар. Кэлим сүрүннүүр киин быһаарыытынан территориальнай тирэх пууннар тэриллэн, байыаннай чаастары уонна госпиталлары кытта ыкса сибээстэһэр сорук турар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

16 часов ago