Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр Аркадий Алексеев бирииһигэр «Кус быһый — ат бөҕө» диэн пятиборьеҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир ыытылынна. Кыайыылааҕынан Горнай Маҕараһыттан сылдьар быйылгы «Дыгын оонньууларын» чөмпүйүөнэ Дьулустаан Ноговицын буолла диэн «Спорт Якутии» таһаарыы иһитиннэрэр.
Турнирга эр бэртэрэ хапсаҕайга, мас тардыһыыга, сүүрүүгэ, үҥүүнү быраҕыыга уонна ыараханы өрө тардыыга күрэхтэстилэр.
Дьулустаан Ноговицын биэс көрүҥтэн үһүгэр бастаата, икки көрүҥҥэ иккис буолла. Онон кыайыылаах аатын эрэллээхтик сүгэн, сүрүн бириис — 500 тыһыынча солкуобай уу харчынан наҕараадаланна.
Иккис миэстэҕэ Ньурбаттан Владимир Федоров, үһүс миэстэҕэ Чурапчыттан Павел Друзьянов таҕыстылар.
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…