Таастаахха Улуу Суорун ытык бэлиэтэ турда

Share

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 29 күнүгэр, Нам улууһун Таастаах нэһилиэгэр уустар түһүлгэлэригэр Улуу Суорун Ытык бэлиэтин туруордулар диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ытык бэлиэни Таастаах нэһилиэгин олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи, Нам улууһугар тимир уһаарыытын сөргүппүт Василий Герасимов бэйэтин баҕатынан ис санаатыттан оҥордо.

«Ытык бэлиэни туруорар баҕа санаа уруккуттан баара. Быйыл саас сөптөөх мас булан атыылаһан, бэлэмнээн үлэтин саҕалаабытым. Манна майгынныыры хас да сыллааҕыта Златоуст куоракка Саха сириттэн тимир уустар бэстибээллэригэр бара сылдьан оҥорон туруорбуппут. Хамаҕаттаттан дэгиттэр таллааннаах уус Руслан Захаров сүбэ-ама буолан көмөлөстө. Балаҕан ыйа – Улуу Суорун ыйа. Онон  Ытык бэлиэни балаҕан ыйын баттаһа туруорбуппутуттан үөрэбин. Улуу Суорун киһиэхэ үс сүрүн идэни биэрбит. Уус идэтин, тыл хомуһунун уонна ойууннааһыны, ол аата эмчит идэтин, уус диэҥҥэ илиинэн тутан-хабан үлэлиири барытын киллэриллэр. Тимир уустарын тотемнара – суор. Онон эскииһин онно майгыннатан, сүбэ быһыытынан Дьулус Марков оҥорбута. Ытык бэлиэ туруоруутугар Таастаах олохтоохторо Александр Оконешников, Игорь Строев, Намтан тимир ууһа Ньургустан Уваров, Илья Заболоцкай, Хамаҕаттаттан Руслан Захаров кэлэн көмөлөспүттэригэр, өйөөбүттэригэр махталым улахан», — диэн кэпсээтэ Василий Иванович.

Василий Герасимов Уустар түһүлгэлэригэр салгыы балаҕан тутар баҕа санаалааҕын, тыйыс тымныы айылҕалаах сиргэ олорон өбүгэлэрбит мындыр өйдөрүнэн тимири уһаарбыт ньымаларын дьоҥҥо сэргэҕэ көрдөрүөҕүн баҕарарын эттэ.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

36 минут ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

4 часа ago