Таатта улууһугар «Халыма» айан суолугар күүстээх ардах түһэн, суол алдьаммыта. Тырааныспар бары көрүҥнэригэр бу сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн сырыы тохтотуллубута.
Билигин миэстэтигэр суолу чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытыллаллар. Бу туһунан «Бүлүү» суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. «Бүлүү» суол управлениета суол учаастактарын нуормаҕа эппиэттиир турукка тиэрдиигэ былааннаах үлэни ыыталлар. 2024 сыл бэс ыйыгар 197-216 км суол учаастактарыгар хапытаалынай өрөмүөҥҥэ 2026 сылга диэри болдьохтоох судаарыстыбаннай хантараак түһэрсиллибит. Билигин 177-182 км, 216-264 км (Чурапчыттан Ытык Күөлгэ диэри) айан суол хапытаалынай өрөмүөннээһинин тэрээһиннэрин ыытарга бырайыактыыр-чинчийэр үлэлэр бараллар. Хапытаалынай өрөмүөн уонна саҥардыы үлэлэрэ 2025 сылтан саҕаланара былааннанар.
Суол өрөмүөнүн үлэтэ ыытыллыар диэри «Тааттаавтодор» АХ бэдэрээтчит, быстах кэмҥэ, күн-дьыл туругуттан көрөн суолу чөлүгэр түһэрии үлэни ыытар. Суолга уустук быһыы-майгы үөскээбитинэн ыарахан уйуктаах таһаҕаһы тиэйэр суоппардары быраабыла нуормаларын тутуһалларыгар көрдөһөллөр. Массыына уопсай маассата 32 туоннаттан ордуо суохтаах.
Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…
ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…
Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар. Ленскэй…
Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…