Таатта улууһугар «Аартыгы аһатар алгыстаах ас» диэн бырайыак олоххо киирбит. Бырайыак идиэйэтин толкуйдааччынан норуот маастара Изабелла Иннокентьевна Элякова буолар.
Изабелла Иннокентьевна — Туора Күөл нэһилиэгин олохтооҕо, киэҥ эйгэҕэ биллэр иистэнньэҥ.
Cонун бырайыак туһунан Таатта улууһун Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Гаврильевич Вырдылин санаатын үллэһиннэ:
— Биһиги, саха норуота айанныырбытын уонна ол айанныырбыт тухары бары сиэри-туому тутуһан, айыылартан көрдөһөн аартыктары аһатар үгэстээхпит. Иччилэрбитигэр, айылҕабытыгар сүгүрүйэн туох ыһыктаахпытыттан бэрсэбит. Кэлин бу үтүө үгэс уларыйан аартыктарбытыгар аһары элбэх бэлэҕи-туһаҕы хаалларан бөххө кубулута сыһабыт. Киэҥ эйгэҕэ биллэр иистэнньэҥмит, талааннаах Изабелла Элякова көҕүлээһининэн «Аартыгы аһатар алгыстаах ас» диэн бырайыагы толкуйдаабыппыт. Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар анаан сир аһатар аһы мөһөөччүктэргэ угууттан саҕаламмыта. Уолаттарбыт төрөөбүт сирдэриттэн-уоттарыттан ыраах сылдьаллар, билбэт сирдэригэр сылдьан сири-уоту аһаталларыгар анаан үс мөһөөччүктэн турар алгыстаах аспытын толкуйдаабыппыт.
Таатта улууһун Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы Марианна Вячеславовна Степанова санаатын үллэһиннэ:
— Саха — айанньыт омук. Үтүө үгэһи умнубатахпыт бэлиэтэ, сирбитин-уоппутун өрүү аһата, бэлэх-туһах хааллара сылдьабыт. Ардыгар салапаан саламалар, өрөһөлөммүт алаадьы, араас мал-сал аартыктарга үгүс буолар. Үтүө үгэһи сүтэрбэт, ол эрээри ытык сирдэрбитин киртиппэт туһуттан бу бырайыак толкуйдаммыта. Бу мөһөөччүктэргэ дьиҥ өбүгэлэрбит өрүү бэйэлэрин кытта айаҥҥа-суолга илдьэ сылдьар иҥиир иэдьэгэйдэрин, мохуорканы уонна чэйи кутар туһунан толкуйдаабыппыт. Иҥиир иэдьэгэйэ диэн куурдуллубут-хатарыллыбыт иэдьэгэй, амтана кымыс курдук буолар. Кини куйааска, тымныыга буорту буолбат аһылык. Сир-дойду киртийбэтин диэн толкуйтан тобуллубута. Саха киһитэ бу мөһөөччүктэри сиэбигэр, хоонньугар укта сылдьан аартыгы аһатарыгар кыратык таммалатан ааһар. Бу култуураны биһиги саха дьонугар-сэргэтигэр киллэриэхпитин баҕарабыт. Изабелла Иннокентьевна идиэйэтин өйөөммүт, салайааччыбыт Гаврил Вырдылин көҕүлээһининэн Таатта иистэнньэҥнэригэр мөһөөччүктэри тиктэрэн, иҥиир иэдьэгэйдэрин, мохуорканы, чэйи бэлэмнээбиппит. Элбэх киһи тэрийэр үлэтэ буолар. Онон Аартыгы аһатар алгыстаах аспыт бастакы баартыйата байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар ыытыллыбыта.
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…