Салгыы
Табыгастаах уонна куттала суох: ХИФУ устудьуоннара GitFlic кодунан үлэлиир платформаны сэҥээрдилэр

Табыгастаах уонна куттала суох: ХИФУ устудьуоннара GitFlic кодунан үлэлиир платформаны сэҥээрдилэр

19.11.2024, 19:21
Саина Титова (СИА) хаартыската
Бөлөххө киир:

«Группа Астра» тэрилтэ М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет үлэһиттэригэр уонна устудьуоннарыгар GitFlic кодунан үлэлиир Арассыыйаҕа оҥоһуллубут платформаны туһаныыга маастар-кылааһы ыытта. ИТ-бородууксуйа салгын куйаарыгар кодтары харайарга тас дойдулар киэннэриттэн итэҕэһэ суох солбугунан буолар.  

ХИФУ цифровой сайдыыга проректора Петр Иванов бэлиэтээбитинэн, GitFlic платформа импорты солбуйуу үйэтигэр араас бырагыраамалары оҥорооччуларга бастыҥ ИT-быһаарыынан буолла. Университет цифровой уларыйыытын стратегията дойду иһинээҕи информационнай технологияларга олоҕурар.

«Маастар-кылааска биһиги бастыҥ партнердарбыт – «Группа Астра» тэрилтэ исписэлиистэрэ кэллилэр. GitFlic платформа бырагыраамалары оҥорооччуларга табыгастаах инструменынан буолар. Билигин Арассыыйаҕа солбук буолар бу эрэ платформа баар. Тэрээһиҥҥэ бырагыраамалары оҥорууга үөрэнэр араас куурус устудьуоннара кыттыыны ыллылар. Бэлиэтээн эттэххэ, ХИФУ көмпүүтэрин кылаастара эмиэ Astra Linux операционнай систиэмэлэринэн хааччыллан тураллар.

ХИФУ цифровой сайдыыга проректора Петр Иванов

«Группа Астра» хампаанньаны кытта биһиги Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа сөбүлэһии түһэрсибиппит, ол чэрчитинэн көмпүүтэри туһанааччыларга уонна администратордарга куурустары ыытар үөрэх киинин арыйар былааннаахпыт. Билигин бары тэрилтэлэр, ол иһигэр үөрэх кыһалара, дойду иһинээҕи бырагыраамаларга маассабайдык көһөн эрэллэр. Арассыыйа бородууксуйалара табыгастаах буолан иһэллэр, онон сайдар кэскилэ киэҥ», — диэн Петр Иванов тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Былырыын GitFlic платформа «Группы Астра» бородууксуйатын портфелигар киирбитэ. Бородууксуйаны, өҥөнү оҥорор уонна хааччыйар хампаанньа экосистиэмэтин көмөтүнэн, дааннайдары куттала суох харайаллар. Билигин GitFlic-ка 60 тыһыынчаттан тахса киһи регистрацияламмыт.

«Группа Астра» хампаанньа Уһук Илиҥҥэ патрнердарга атыытын салайааччыта Константин Кузнецов.

«Биһиги устудьуоннарга GitHab эбэтэр GitLab тас дойдулар оҥорбут платформаларын толору солбуйар кыахтаах бэйэбит платформабыт  үлэтин көрдөрдүбүт. Маннык маастар-кылаастары Арассыыйа атын университеттарыгар эмиэ ыыппыппыт. Платформаны олус сэҥээрдилэр. Бу платформаны сүрүннээн инженердэр, архитектордар уонна программистар, сыһыарыылары уонна информационнай систиэмэлэри оҥорор дьон туһаналлар. Билигин ырыынакка импорты солбуйар элбэх бородуукта баар, ол гынан баран, сакаасчыт мэлдьи буоларын курдук биир оҥорон таһаарааччыттан атыҥҥа сүүрэр. Биһиги экосистиэмэбит техническэй өйөбүлү барытын бииргэ оҥорор кыахтаах. Сөптөөх үлэни тэрийэргэ кыаҕы биэрэр атын да бородуукталаахпыт. Холобур, билигин RuPost почта серверэ сайдан эрэр. Бу хампаанньа үлэтин хаамыытын хааччыйар халандаардаах, сорудахтаах, аадырыстаах кинигэлээх уонна да атын функциялаах корпоративнай электроннай почта систиэмэтэ буолар», — диэн «Группа Астра» хампаанньа Уһук Илиннээҕи партнерскай атыытын салайааччыта Константин Кузнецов кэпсээтэ.

Программистар бигэргэтэллэр

Маастар-кылааска араас куурус устудьуоннара кытыннылар. Программист буолаары сылдьар дьон дойдуга оҥоһуллубут платформа интерфейсын сэҥээрдилэр.

«Экспэрдэр биһиэхэ GitFlic үлэтин билиһиннэрдилэр. Мин Арассыыйаҕа маннык платформалаахпытыттан олус соһуйдум. Хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ манна кэлбиттэрин эмиэ сэргээтим. Бу платформанан хайаан да үлэлиэххэ наада эбит. Хампаанньа бырагырааматын олоххо киллэрэргэ уонна араас хампаанньаларга тарҕатарга элбэх үлэни ыыппыт. Платформа коду харайарга туһаныллар», — диэн бэлиэтээтэ ХИФУ Математика уонна информатика институтун иккис кууруһун магистрана Станислав Павлов.

ХИФУ Математика уонна информатика институтун иккис куурсун магистрана Станислав Павлов.

Платформа сүрүн коду бэйэтэ тута бэрэбиэркэлиир кыаҕы биэрэр. Ирдэнэр туспа бэрэбиэркэни, усулуобуйалары эбэтэр көмө дьайыылары тохтоло суох интеграция технологиятын туһанан оҥоруохха сөп.

«Мин идэм искусственнай өйү кытта сибээстээх. Федеральнай эспэрдэр ыыппыт маастар-кылаастарыгар сылдьыбытым олус туһалаах буолла. Арассыыйа платформата GitHub-ка майгынныыр. Бырайыактаргын чэпчэкитик киллэриэххин сөп», — диэн Математика уонна информатика институтун бастакы кууруһун магистрана Лена Герасимова санаатын үллэһиннэ.

Математика уонна информатика институтун бастакы куурсун магистрана Лена Герасимова.

«Платформа үлэтэ эмиэ тас дойдулар киэннэрин курдук диэххэ сөп, онон туһанарга судургу. Интэриэһинэй бырайыактары кэтээн көрөр туһугар, көрдөөһүҥҥэ фильтрацияны эбэн биэриэххэ сөп. GitFlic суолтата – импорты солбуйууга сытар. Тас дойдулар бырагрыаамаларыгар киирии хаһан баҕарар хаачахтаныан сөп, онон мэлдьи бэлэм буолуохха наада. Бу олус актуальнай тиэмэ. Мин санаабар, бэйэ оҥорор бырайыактарын өйүүр наада», — диир бастакы куурус устудьуона Ион Саввинов.

«Группа Астра» хампаанньа дойду иһинээҕи ИT-бородуукталарын бары кыахтарын уонна өрүттэрин көдьүүстээхтик туһанар туһугар, бэйэтэ оҥорон таһаарар бырагыраамаларын кытта үлэлииргэ үөрэх бары таһымын хабар кэлим үөрэтэр систиэмэни оҥордо. Үөрэх тэрилтэлэрэ лицензия ылаллар. Кэллиэстэргэ уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр педагогтары бэлэмнииллэр уонна кинилэргэ оҥоһуллубут куурустарынан хааччыйаллар.

«Группы Астра» хампаанньа бырагыраамалыыр бородууксуйата экэниэмикэ бары салаатыгар туттуллар: сүрүн энергетика уонна ньиэп уонна гаас хампаанньаларыгар, үп салаатын тэрилтэлэригэр, ону тэҥэ судаарыстыбаннай хампаанньаларга уонна судаарыстыбаннай корпорацияларга, мэдиссиинэҕэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ.

«Группы Астра» хампаанньа систиэмэлээх уонна олоххо туттуллар бырагыраамалары, ону тэҥэ ИT-инфраструктураны оҥорорго уонна бырайыактыырга сакаасчыктар наадыйыыларыгар сөп түбэһэр өҥөлөрү оҥорор.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: