Салгыы
«ТАБЫС»: «Мисс и мистер ТАБЫС» куонкурус кыайыылаахтара билиннилэр

«ТАБЫС»: «Мисс и мистер ТАБЫС» куонкурус кыайыылаахтара билиннилэр

Ааптар:
08.06.2024, 12:10
Хаартыска: Майя Дмитриева/Якутия 24
Бөлөххө киир:

Бөлүүн, бэс ыйын 8 күнүгэр, Кэбээйигэ  Уһун хонуу сиргэ «Табыс» ыччат бэстибээлин чэрчитинэн «Мисс и мистер ТАБЫС» куонкурус кыайыылаахтарын ааттара билиннилэр.

«Мисс и мистер ТАБЫС» ааты Ньурба улууһуттан Анастасия Обоева уонна «Кэбээйи» уопсастыбаннай түмсүү бэрэстэбиитэлэ Ньургун Харлампьев  сүктүлэр. Күрэххэ барыта 17 кэрэ кыргыттар уонна 12 уолаттар кытыннылар. Балаһыанньатынан кыттааччылар бэйэни билиһиннэрдилэр,  өй-билии, айар дьоҕур, успуорт көрүҥнэригэр уонна сахалыы таҥаһы кытта, бэчиэринэй таҥаска күрэхтэстилэр .

«Мисс и мистер ТАБЫС» күрэх кыайыылаахтарын уонна номинацияларынан биһирээтилэр:

  • — «Мисс ТАБЫС» ааты Ньурба улууһун ыччата Анастасия Обоева ылла;
  • — «Мистер ТАБЫС» ааты, «Кэбээйи» ыччатуопсастыбаннай хамсааһынын бэрэстэбиитэлэ Ньургун Харлампьев ылла;
  • — «I Вице-мисс ТАБЫС» аатынан Хаҥалас улууһун Людмила Архипова бэлиэтэннэ;
  • — «II Вице-мистер ТАБЫС» ааты Ньурба улууһуттан Владислав Кутанов сүктэ;
  • — «II Вице-мисс ТАБЫС» аакка «Zema» өрөспүүбүлүкэтээҕи оройуоннарын ыччат тэрилтэлэрин түмсүүтүн бэрэстиибэтэлэ Сияна Яковлева тигистэ;
  • — «II Вице-мистер ТАБЫС» ааты Үөһээ Бүлүүттэн Денис Васильев сүктэ;
  • — «Мисс зрительских симпатий» — Одуну нэһилиэгин «Эрэл» ыччат уопсастыбаннай  тэрилтэтин бэрэстэбиитэлэ Розалия Федотова;
  • — «Мистер зрительских симпатий» — Арассыыйа устудьуоннарын этэрээттэрин бэрэстэбиитэлэ Александр Осипов;
  • — «Мисс спорт» — Кэбээйи улууһуттан Анастасия Кобякова;
  • — «Мистер спорт» — Одуну нэһилиэгин «Эрэл» «Эрэл» ыччат уопсастыбаннай  тэрилтэтин бэрэстэбиитэлэ Минтимир Замятин;
  • — «Мисс интеллект» — Нам улууһуттан Яна Винокурова;
  • — «Мистер интеллект» — Дьокуускай куораттан Сергей Громин,
  • — «Мисс талант» — Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Виринея Арьянова;
  • — «Мистер талант» — Виталий Семенов, Ньурба улууһун ыччакка сүбэтин бэрэстэбиитэлэ;
  • — «Мисс национальный костюм» — Горнай улууһуттан Анастасия Алексеева.

«Табыс» ыччат бэстибээлэ бэс ыйын 6-8 күннэригэр Кэбээйи улууһугар ыытыллар. Хас күрэхтэһии, куонкурус ахсын баал эбиллэн, түмүккэ кыайыылаах улуус хамаандата УАЗ массыынаны сүүрдэн барыахтаах, оттон кыайыылаах уопсастыбаннай тэрилтэ 700 тыһ. солк. ылыахтаах. Бэлиэтээн суруйдахха, бу тэрээһин урукку сылларга ыытыллар Ыччат ыһыаҕын курдук эмиэ өрөспүүбүлүкэ улуустарын талааннаах уонна көхтөөх ыччатын түмтэ.

«ТАБЫС» ыччат бэстибээлэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак «Регион для молодых» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус чэрчитинэн ыытыллар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: