Тамалакааҥҥа «Сааскы ат күрэҕэ» ыытылынна

Share

Бэҕэһээ Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна,
элбэх Грант хаһаайына, саҥаны, кэскиллээҕи киллэрсибит «Барча» КФХ салайааччыта, «Эрэл» ТХПК бэрэссэдээтэлэ Семен Барчахов сырдык кэриэһигэр олохтоох сылгылары тургутууга «Сааскы ат күрэҕэ» олус сэргэхтик ыытылынна.

Семен Иванович өссө тыыннааҕар олохтоох сылгыһыттары түмэн, араас кыһалҕаны, боппуруоһу биир сүбэнэн быһаараары түмсүү тэрийбитэ. Ону доҕордорун, атастарын кэриэстээн, Тамалакаан сылгыһыттара түмсүүлэрин кини аатынан ааттаабыттар. Ол курдук, күрэххэ Тамалакаан сылгыһыттара бэйэлэрин 30-ча  сылгыларын киллэрдилэр.

Күрэх «Сайылык баһа» диэн Тамалакаан ытык сиригэр буолла. Семен аҕата Иван Михайлович уолум кэриэһигэр аан маҥнайгы күрэх ыытыллар диэн долгуйан, тэрээһин ыытыллар сирин хаарын күртэрэн, эрдэ бэлэмнэппитэ уонна күрэҕи тэҥҥэ сүүрэ сылдьан тэрийистэ.

Барыл быһыытынан  эрдэ ханнык да күрэххэ кыттыбатах, Тамалакаан көлүүр аттара кытыннылар.

Никита Васильев хаартыскалара

Ол курдук, ат сүүрдүүгэ олохтоох Тамалакаан эрэ сылгыһыттара кытыннылар. Сүүрүү 3 дистанциянан ыытылынна. 19 ат сүүрдэ.

Манна 800 м. жокей Арылхан С. Пахомов О.Е. атын сүүрдэн, бастакы  миэстэ буолла. Жокей Егоров Виктор Егоров А. атынан иккис миэстэ буолла. Үһүс бочуоттаах миэстэ — Третьяков В.Е. сылгыта, жокей Федотов А.С.

1200 м. Бастакы  миэстэ — Руфов А.А. Көрдөрүүтэ — 2:15:24.
Иккис  миэстэ — Фёдоров Р.С. 2:16:92.
Киниттэн кыл мүччү хаалан, Семенов С.С. үһүс миэстэ буолла.

Тыҥааһыннаах 1600 сүүрдүүгэ бастакы Сүүтүк, Саввинов А.С. ата, жокей Арылхан. Иккис  Николаев М.В. сылгыта, жокей Ларионов Дима. Үһүс Монгол, Саввинов А.С. ата, жокей Виктор Егоров.

Айаас соноҕоһу айааһыыр күрэххэ олохтоохтор, ыаллыы сытар Харбалаах, Ороһу, Балаҕаннах уонна Боотулуу, Хоро сылгыһыттара кытыннылар. Бу күрэххэ 7 хамаанда кытынна.

Манна айааһааһыҥҥа үрдүкү сатабылы көрдөрбүтүн иһин Боотулуу хамаандата Супер бирииһинэн наҕараадаланна. Боотулуу баһылыга Петр Анатольевич бэйэтэ айааһаабыта холобур буолла.

Айааһааһыҥҥа бастакы миэстэ «Эрэл» Терентьев Е.Г.  Иккис миэстэ «Маатыка» Готовцев П.Г.  Үһүс миэстэ «Ураанньык» Федотов А.С хамаандалара буоллулар.

«Сааскы ат күрэҕэр» СӨ «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтиттэн зоотехник, Семен Иванович чугас доҕоро Горохов Егор Павлович ыалдьыттаата. Ону сэргэ Семен Иванович доҕотторо, кылааһынньыктара, дьоно, биир дойдулаахтара тэрээһини өйөөн, бирииһинэн кыттыстылар.

Күрэхтэн дьон бары астынна. Тэрийээччилэр инникитин СЕМЕН ИВАНОВИЧ БАРЧАХОВ сырдык кэриэһигэр «Сааскы ат күрэҕин» үгэскэ кубулутардыы, таһымын үрдэтэрдии былааннаатылар.

Үөһээ Бүлүү улууһун пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

7 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

10 часов ago