Тамара Павлова: «Саалаахтан самнымаҥ!»

Share

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 44-с кыттааччыта Дьокуускай Владимировкатыттан Павлова Тамара Ивановна:

Саалаахтан самнымаҥ!

Ыраас халлаан үөһүттэн

Уот садарах дапсыйда,

Сэрии уота сириэдийэн

Дьон-эргэ айманна….

Атаарабыт харах уулаах

Алгыс тылынан арчылаан,

Уоттаах сэрии хонуутугар

Саха ньургун уолаттарын….

Бар дьоҥҥут туһугар

Дойдугут аатыгар,

Биир сомоҕо буолан

Өстөөх үөрүн самнаран,

Кыайыы өрөгөй былааҕын

Күөрэччи тутаарыҥ!

Төрөөбүт алааскытыгар

Эргиллэн кэлээриҥ!

Уол кыыска долгуйан

Тапталга билиниэ…

Чуумпуга куустаран

Күөх сирэм чэлгийиэ….

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

7 минут ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

25 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

55 минут ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

1 час ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

2 часа ago