Салгыы
Таптыыр учууталым туһунан үтүө ахтылҕан

Таптыыр учууталым туһунан үтүө ахтылҕан

26.11.2022, 17:00
Бөлөххө киир:

Мин Саха судаарыстыбаннай университетыгар тапталлаах преподавательбын, физика-математика наукатын хандьыдаатын, доцены, бастакы куурустан үрдүкү алгебраҕа лиэксийэлэри аахпыт Исмаил Шахбазович Алиевы куруук истиҥник саныыбын.

Бу олус эрчимнээх, үрдүк үөрэхтээх, талааннаах киһи Азербайджантан төрүттээҕэ, Дьокуускайга 1971 сыллаахха СГУ салалтатын ыҥырыытынан Новосибирскайдааҕы академиктар куораттарыгар үрдүкү алгебра уонна аналитическай геометрия кафедратын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан кэлбитэ.
Исмаил Шахбазович киэҥ билиитинэн уонна тэрийэр улахан талаанынан Саха судаарыстыбаннай университетыгар 1972 сыллаахха Физика-математика өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолатын (РФМШ) бастакынан тэрийэр кыахтаммыта. Кини нууччалыы саҥата арыый атыннык иһилиннэр да, олус үчүгэйдик саҥарара. Бэйэтин көмөлөһөөччүлэринэн мин бииргэ үөрэнэр Жирков Гошаны, Гурзо Галяны уонна үөһээ куурустартан Дмитриев Ваняны, Семёнов Мишаны уонна да атын актыыбынай устудьуоннары ылбыта. Бу ыччаттар «Клоншеры» диэн үрдүк ааты сүкпүттэрэ уонна физика-математика оскуолатын бастакы арыйааччыларынан буолбуттара. Кэлин кинилэргэ мин доҕотторум Булуҥ оройуонуттан Юра Оконешников уонна Кэбээйиттэн сылдьар Левин Алеша холбоспуттара.
Мин эмиэ оскуолам уопсастыбаннай олоҕор көхтөөҕүм, сынньалаҥ биэчэрдэригэр элбэхтик кыттар вокальнай-инструментальнай ансаамбылы тэрийбитим. Билигин бу оскуоланы бүтэрбиттэр үгэс буолбут көрсүһүү биэчэрдэригэр оскуола урукку үлэһиттэрэ эмиэ ыҥырыллаллар. Ол гынан баран, мин улаханнык хомойуом иһин, тэрийээччилэр миигин биирдэ да ыҥырбатылар. Кинилэр, арааһа, куһаҕаннык көрөр киһи аныгы уопсастыбаҕа туһата кыра дии саныыллара буолуо… Ол гынан баран, олох көрдөрбүтүнэн, кинилэр улаханнык сыыһаллар. Мин Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, омук сиригэр эмиэ биллэр-көстөр биллиилээх учуонай буоллум.
2010 сыллаахха «Организационно-педагогические условия профессионального образования людей с особыми образовательными потребностями посредством использования адаптивных компьютерных технологий» тиэмэҕэ хандьыдаат диссертациятын көмүскээбитим. 2014 сыллаахха доктор буоларбар «Педагогическое сопровождение обучающихся с особыми образовательными потребностями в системе инклюзивного образования» диссертациям үлэтин бүтэрбитим. Педагог уонна бу салааҕа Саха сирин соҕотох учуонайа буоларым быһыытынан, отуттан тахса сыл устата үөрэххэ ураты болҕомтону эрэйэр үөрэнээччилэргэ инклюзивнай үөрэҕи сайыннарыы салаатыгар наука чинчийиилэрин көдьүүстээхтик ыытабын.
Инклюзивнай үөрэхтээһин тиэмэтигэр наукаҕа сүүстэн тахса үлэни (ол иһигэр, 4 тус бэйэм гиэнэ) уонна кэлэктиибинэн 1 монографияны, 6 үөрэх-методика пособиетын (ол иһигэр, ДВ РУМЦ грифтээх үөрэх икки пособиетын), «Скопус» сурунаалга наука 3 ыстатыйатын уонна ВАК сурунаалларыгар 33 ыстатыйаны бэчээттэттим. 2012 сылтан инклюзивнай үөрэхтээһиҥҥэ Ректордар Арассыыйатааҕы сойуустарын эксперинэн, 2020 сылтан «Inclusive Practices» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ инклюзивнай уопсастыбалары сайыннарар аан дойду бырагырааматын инклюзивнай үөрэтиигэ эксперинэн, IACD аан дойдутааҕы ситим чилиэнинэн буолабын. Иккитэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В.Путин Гранын уонна эмиэ иккитэ DAAD наукаҕа академическай атастаһыыларга Германия сулууспатын Европатааҕы Гранын ылбытым. Бу чэрчитинэн Германия университеттарыгар наукаҕа элбэх ыйдаах стажировканы ааспытым.
Маны барытын университекка миигин уһуйбут Исмаил Шахбазович Алиев көмөтүнэн ситиспитим.

ххх

Исмаил Шахбазович олус үтүө санаалаах уонна амарах сыһыаннаах преподаватель этэ. Кини устудьуоннар теория ыарахан матырыйаалларыттан уонна математика уустук формулаларыттан сылайалларын өйдөөн, сынньана түһэллэригэр бэйэтин лиэксийэтигэр биллиилээх учуонайдар уонна математиктар олохторуттан интэриэһинэй чахчылары куруук кэпсиирэ.
Исмаил Шахбазович Алиев биһиги университеппытыгар бастакынан коллоквиум курдук наукаҕа үлэ көрүҥүн устудьуоннарга киллэрбитэ. Манна бастакы куурус устудьуоннара үөһээ куурус устудьуоннарын кытары тэҥҥэ дискуссияларга уонна наука мөккүөрдэригэр кыттан, бэйэбит көрүүбүтүн тириэрдэр кыахтаммыппыт. Маннык сэминээрдэр табыгастаах уонна аһаҕас этилэр, онон үөһээ куурус устудьуоннарын эрэ кытары буолбакка, Исмаил Шахбазовиһы бэйэтин кытары эмиэ дакылаат оҥорорго уонна үрдүк трибунаттан иһитиннэрэргэ үөрэммиппит.
Ол кэмҥэ биһиги Исмаил Шахбазович этиитинэн графтар теорияларынан үлүһүйбүппүт. Түүннэри кытары оҥорорго холонорбут. Билигин графтар теориялара аан дойду экэниэмикэтигэр барытыгар ситиһиилээхтик туһаныллаллар, онтон сорудахтара КИМ алгебраҕа үөрэҕи бүтэрэр эксээмэннэригэр киллэриллибиттэрэ.
Мин оҕо эрдэхпиттэн көрбөппүн кэриэтэ, суруйарбар Брайл систиэмэтин рельефнай-точечнай шириибин туһанабын. Оттон Исмаил Шахбазович, үчүгэй психолог буолан, миигин куруук өйдүүрэ уонна үөрэх матырыйаалын иҥэринэрбэр көмөлөһөрө. Өскөтүн улахан формуланы ситэри суруйбакка хааллахпына, мин кини хатылыырыгар көрдөһөрүм. Онуоха кини миэхэ биирдэ да аккаастаабатаҕа.
Исмаил Шахбазович саха оҕолоро Хара муораҕа аан бастаан сынньаналларыгар кыаҕы биэрбитэ, ол эбэтэр сыл аайы Дьоруой куорат Новороссийскай аннынан Цемдолиҥҥа физмат сайыҥҥы оскуолаларын тэрийэрэ. Исмаил Алиевка үөрэнэн бүтэрбиттэртэн үгүстэрэ билигин өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тиийэ биллэллэр. Исмаил Шахбазович биһигини толкуйдуурга үөрэппитэ, хас биирдии устудьуоҥҥа билиигэ дьулууру, наука чинчийиилэригэн интэриэһи күөдьүтэ сатыыра. Кини үөрэнээччилэрэ Белоногов Валентин, Сафронов Вадим уо.д.а. биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастакы уонна бастыҥ программистарынан буолбуттара
Кинилэр уонна тус бэйэм ааппыттан киэҥ билиилээх, талааннаах уонна үтүөкэн майгылаах Исмаил Шахбазович биһиэхэ наукаҕа суолу арыйбытыгар махтанабыт уонна олоҕун аргыһыгар Аза Германовна Алиеваҕа сирдээҕи бокулуоммутун тириэрдэбит. Аза Германовна тапталлаах кэргэнэ өлбүтүн кэннэ 5 саастаах Эмилия-Ханум уонна Зиба-Ханум диэн кыргыттарыныын соҕотоҕун хаалбыта уонна Саха судаарыстыбаннай университетыгар салҕыы үлэлии сылдьан, кыргыттарын дьоһуннаах дьон гына ииппитэ. Билигин Зиба-Ханум -– үрдүк категориялаах акушер-гинеколог, Эмилия-Ханум суруналыыс, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Исмаил Шахбазович 1987 сыл сэтинньи 13 күнүгэр уһун ыарахан ыарыы кэнниттэн орто дойду олоҕуттан барбыта. Ол гынан баран, кини үөрэнээччилэрэ Исмаил Алиевы кини идэтигэр таһымын, уостубат көрүдьүөһүн, үтүө санаатын уонна киһилии быһыытын үтүө эрэ тылларынан ахтыахпыт.
Быйыл Исмаил Шахбазович оскуолата 50 сылын туолар.
Мин өрөспүүбүлүкэбит математикаҕа талааннарын кыһатын -– физика-математика өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолатын тэрийээччи Исмаил Шахбазович Алиев кэриэһигэр мемориальнай дуосканы туруорарга М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет математика уонна информатика институтун бырапыассардарын-преподавателларын састаабыгар уонна деканатыгар этии киллэрэбин.

ЫСПЫРААПКА:
Алиев Исмаил Шахбазович 1931 сыл олунньу 16 күнүгэр Азербайджан Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин Физули куоратыгар төрөөбүтэ. Оскуоланы бүтэрэн баран, Зардаби аатынан Азербайджаннааҕы педагогическай институкка үөрэнэ киирбитэ. Ол кэнниттэн оскуолаҕа үлэлээн баран, 1960 с. Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университекка аспирантураҕа киирбитэ.
1963 сыллаахха РНА академига Анатолий Иванович Мальцев салайыытынан хандьыдаат диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Аспирантура кэнниттэн үөрэммит университетыгар үрдүкү алгебра кафедратыгар ыстаарсай преподавателынан, онтон доценынан үлэлээбитэ.
1971 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын салалтата кинини үрдүкү математика уонна аналитическай геометрия кафедратын сэбиэдиссэйин дуоһунаһыгар ыҥырбыта, манна кини олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэлээбитэ.
1972 сыллаахха университет иһинэн физика-математика өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолатын тэрийбитэ уонна бастакы дириэктэринэн буолбута.
Оскуола САССР-га — физика-математика бастакы оскуолатынан, онтон Сэбиэскэй сойууска алтыс оскуоланан буолбута.

Пантелеймон Романович ЕГОРОВ, СӨ Уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ, Инклюзивнай үөрэхтээһини сайыннарыы Хотугулуу-Илиҥҥи научнай-инновационнай киинин дириэктэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: