Татьяна Гоголева: «Хотугу сулус» телерадиоакадемия Михаил Николаев өйөбүлүнэн тэриллибитэ»
2000 сыллаахха СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев уурааҕынан «Хотугу сулус» оҕо телерадиоакадемията тэриллибитэ. Бу ыччат төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буола улаатарыгар ситимнээх үлэни тэрийэн ыытыыга туһуламмыт сонун сүүрээн этэ.
Бэҕэһээ, сэтинньи 13 күнүгэр, саха саарына Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр «Доҕоттор көрсүһүүлэрэ» тэрээһиҥҥэ ытык киһи соратниктара, доҕотторо, үөлээннээхтэрэ мустан, Михаил Ефимович олоххо киллэрбит сүүнэ бырайыактарын махтана ахтан-санаан аастылар. Кинилэр ортолоругар «Хотугу сулус» телерадиоакадемияны төрүттээччи, тэлэбиидэнньэ туйгуна Татьяна Гоголева баар.
Дьэ, ити курдук 2000 сыллаахха «Хотугу сулус» телерадиоакадемия тэриллибитэ.
«Хотугу сулус» телерадиоакадемията төһөлөөх үгүс ыччакка айар суолга үктэнэригэр далаһанан буолбута буолуой? Уус Алдан Найахы нэһилиэгиттэн төрүттээх, бу оҕо уопсастыбаннай тэрилтэтиттэн куорсун анньынан тахсыбыт, билигин «Вести-Саха» хампаанньа араадьыйатын суруналыыһа Татьяна Жанчикова: «Мин эмиэ Михаил Николаевы кытта ыкса сибээстээхпин», — дии сылдьар киһи буолан биэрдэ.
«Доҕотттор көрсүһүүлэрэ» тэрээһиҥҥэ Татьяна Афанасьевна улуу киһи кэскиллээх мындыр толкуйугар сүгүрүйэн, махтал тылларын анаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: