Технолог идэтигэр үөрэтиэххэ
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министистиэристибэтин тэрийиитинэн Дьокуускай куоракка Комсомол болуоссатыгар “Ас-үөл – 2024” быыстапка-дьаарбаҥка буола турар.
Бу тэрээһин чэрчитинэн бүгүн тустаах министиэристибэ актовай саалатыгар Өрөспүүбүлүкэ астыыр-үөллүүр салаатын үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕа ыытылла турар. Сүбэ мунньаҕы миниистири солбуйааччы Николай Афанасьев арыйда, салаа иннигэр турар соруктарга тохтоото.
Улуустартан кэлбит исписэлиистэр “Меркурий” ФГИС-нэн үлэҕэ тахсар кэһиилэр, ас-үөл хаачыстыбатыгар ирдэбиллэр тустарынан иһиттилэр. Үрдүк үөрэх кыһаларыгар тус сыаллаах үөрэтии, каадырдарынан хааччыллыы туһунан кэпсэттилэр. АГАТУ “Технология питания и пищевой индустрии” кафедратын сэбиэдиссэйэ Прасковья Гоголева астыыр-үөллүүр салааҕа (переработка) исписэлиистэр тоҕо тиийбэттэригэр санаатын үллэһиннэ. Кини этэринэн, технологы бэлэмнииргэ бэриллэр 20 миэстэттэн 10-нун эрэ толорбуттар. “Исписэлиистэр суохтар диигит да, үлэлэспэккит”, — диэтэ П.Гоголева хаһаайыстыбалар салайааччыларыгар туһаайан. Кинилэр 21 хаһаайыстыбаҕа бу боппуруоһунан сурук ыыппыттар даҕаны, “Хоту” кэпэрэтиип, “Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ”, “Сахаплемхолбоһук”, “Саха ынаҕа”, “Ас-үөл технологиятын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ” тэрилтэлэр эрэ бу боппуруоска үлэлэспиттэр.
Олохтоох оҥорон таһаарааччыларга “Ретейли” ХЭТ салайааччыта Алексей Леверьев интэриниэт-былаһаакка оруолун туһунан билиһиннэрдэ.
Санаттахха, сарсын, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, быыстапка-дьаарбаҥканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: