Төлөбүрэ суох үөрэх манна баар
Уу тырааныспарыгар үлэлиир дьон сааһыран, каадыр наада буолбутун истэн, Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын институтугар бара сырыттым.
Тутар хамыыһыйаҕа Мария Воронова уонна Галина Осипова үлэлии олороллор. Иккиэн манна үлэлииллэр, куратордыыллар эбит. “Билигин мин кууруһум оҕолоро ким эрэ Эдьигээҥҥэ, ким эрэ хоту, ким эрэ Иркутскай уобаласка сылдьаллар, бастакы хамнастарын ылан үөрэн-көтөн эрийбиттэрэ”, — диэн үөрүүтүн үллэстэр Мария Воронова.
Итиэннэ кыргыттар бэйэлэрин үөрэхтэрин кыһата туох үчүгэйдээҕин кэпсээтилэр. Бу институт Сибиирдээҕи уу тырааныспарын университетын филиала буолар. Бу уолаттарга аналлаах үөрэх, төлөбүрэ суох үөрэнэллэр, күҥҥэ үстэ босхо аһаталлар, формалары эмиэ биэрэллэр, үөрэнэр сирдэрэ уопсай дьиэлэрин кытта холбуу турар. Иккис куурус кэнниттэн навигацияҕа быраактыкалана бараллар, үлэлэрин ыстааһа ааҕыллыбытынан барар. Быйыл 9 кылаас кэнниттэн 5 хайысхаҕа, 11 кылаас кэнниттэн 3 идэҕэ докумуоннары тута олороллор.
-Улуус оҕолоро төһө кэлэллэрий?
-Кэлиҥҥи сылларга саха оҕото киирэрэ элбээтэ. Үөрэх ыарахан, чэпчэки буолбатах. Ону тулуйбуттар, навигацияҕа быраактыкалана тиийэн баран, наһаа астыналлар. Ыйга кырата 60 тыһ. солк. ылаллар. Аны иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, “рулевой моторист” корочкатын ылан, кыра суудуналары ыытар бырааптаналлар. Оттон электриктэр “судовой электрик” киэнин ылаллар.
-Ити сайыҥҥы ыйдарга сылдьаллар дуо?
-Навигация кулун тутар эргин саҕаланар. Улахан куурустар суудунаны бэлэмниир үлэҕэ сылдьаллар, оттон өрүс барыаҕыттан туруор диэри 6 ый курдук усталлар.
—Туох идэни баһылаан тахсалларый?
-“Логистика” диэн идэ былырыын киирбитэ, таһаҕас ханна барарын быһааран биэрэр идэ. Гидротиэхиньиктэр бэлиэлэри туруораллар, өрүс түгэҕин дириҥэтэр үлэни ыытыллар. “Суудунаны ыытыыга” – хапытаан буолаллар. Судомэхээньик, электромэхээньик идэлэрэ бааллар. Ордук хапытаан буолаары, суудунаны ыытар идэҕэ биэрэллэр. Манна 9-с кылаас кэнниттэн 30 бүддьүөт миэстэтэ, 11 кылаас кэнниттэн эмиэ 30 төлөбүрэ суох миэстэ баар, баһаалыста кэлэн киириҥ. Электромэхээньик идэтигэр 40 бүддьүөт миэстэтэ кэтэһэр, уопсайынан төлөбүрдээх үөрэх кэтэхтэн үөрэниигэ эрэ баар. Соторутааҕыта үөрэтэр-эрчийэр киин аһыллыбыта, онно үһүс куурустан баһаарынай өттүнэн бэлэм буолууга үөрэнэллэр.
— Үрдүк үөрэх эмиэ баар дуо?
-Баар, орто үөрэҕи бүтэрэн баран, тута үрдүккэ киириэхтэрин сөп. Манна эмиэ төлөбүрэ суох миэстэлэрдээхпит. Күнүскү үрдүк үөрэххэ докумуону туттарыы от ыйын 25 күнүгэр бүттэ, орто үөрэххэ атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри ылабыт. Кэтэхтэн киириэн баҕалаахтары сэтинньи 25 күнүгэр диэри күүтэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: