Телеграм-ханаалынан билсээри харчытын уордарбыт
Баан счетуттан уоруллубут 64 тыһыынча солкуобайы полиция тута арыйда.
ИДьМ-тын Саха сиринээҕи салалтатын полиция 1-кы №-дээх отделын дьһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо 64 тыһыынча солкуобайын уорбуттарын туһунан сайабылыанньа киллэрбит.
Суһал көрдөөһүн үлэтин түмүгэр холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ буруйдаах киһини быһаарбыттар диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Уорбаланааччы 26 саастаах дьахтар буолан тахсыбыт.
Эмсэҕэлээччи бу дьахтары кытары телеграм-ханаалынан билсибэтэ быһаарыллыбыт. Кылгас кэпсэтии кэнниттэн сирэй көрсөн кэпсэтэргэ санаммыттар. Көрсүһэн баран пааралар гостиницаҕа тиийэн арыгы испиттэр, ол кэнниттэн эр киһи утуйан хаалбыт. Бу кэмҥэ дьахтар эр киһи төлөпүөнүн ылан, мобильнай баан көмөтүнэн 64 тыһыынча солкуобайын уорбут. Уоруллубут харчынан дьахтар микрокирэдьииттэрин саппыт.
Дьахтарга РФ Холуобунай кодексатын «Уоруу» 158 ыстатыйатын 3-с чааһынан холуобунай дьыала тэрилиннэ, бу ыстатыйанан 6 сылга диэри болдьоххо көҥүлү быһыы накаастабыла көрүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: