Төҥүлү Күүстээх Боруонньатын сарсыҥҥыта кэскиллээх (видео)
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин олохтооҕо Прокопий Тимофеев-Күүстээх Боруонньа хаһаайыстыбатын кэҥэтэн, былырыын күһүн хотон туттан, быйыл уонтан тахса сүөһүнү кыстатан туруорар.
73 саастаах тыа сирин олохтооҕо хаһаайыстыбатын эрдэттэн табыгастаах гына былааннаабыт. Ол курдук, саҥа туппут хотонун аттыгар үүт тутар “Хоту” кэпэрэтиип сыахтара тураллар. Онон кини үүт туттарарыгар олус табыгастаах. Үлэһиттэри аҕалан үлэлэтэр соруктаах, хотонун аттыгар турар эргэ уопсай дьиэни өрөмүөннээбит. Хаһаайын хотонун «салгыы туттуом» диир. Ол эбэтэр сүөһүтүн ахсаанын элбэтэр былааннаах. Бу туһунан Прокопий Тимофеев санаатын маннык үллэһиннэ:
Гааһа уонна уота суох буолан, үлэһит наймылаһа илик. Соҕотоҕун ынахтарын ыыр, көрөр-истэр. Ол эрээри, быйыл сайын дьиэтин өрөмүөннээн, эбиитин массыына уонна тыраахтар киирэр икки гарааһы холбуу тутан, үлэһит тутарга толору усулуобуйаны оҥорон эрэр.
Быйыл Прокопий Тимофеев-Күүстээх Боруонньа «Хоту» кэпэрэтиипкэ 5 туонна үүтү туттарарга дуогабардаһан олорор. Бу күннэргэ бэйэтин кыаҕынан хаһаайыстыба тэринэ сылдьар киһини кытта өрөспүүбүлүкэтээҕи Ытык Сүбэ салайааччыта Люлия Григорьева солбуйааччыта Иннокентий Аммосовы, улуустааҕы Ытык Сүбэ салайааччыта Зиновий Игнатьевы, Төҥүлү нэһилиэгин Ытык Сүбэ салайааччыта Анатолий Плотниковы кытта Төҥүлүгэ анаан тиийэн көрүстүлэр уонна кини былаанын кытта билистилэр.
Төҥүлү олохтооҕо 8 га иэннээх оттуур ходуһата ойуур баһаарыгар умайан, сирэ ирэн, билигин ол ходуһа күөл буолан турар. Онон Прокопий Тимофеев сирэ суох буолан, дьонтон арендалаһан оттуур. Аренда төлөбүрэ — сирэй харчы эбэтэр окко, эккэ кэпсэтиһии. Прокопий Тимофеев оҕолорун кытта араас граннарга кытта сатыыр эбит да, үлэһитин да, сүөһүтүн да ахсаана ханнык да ирдэбиллэргэ эппиэттэспэт эбит.
Оҕолоро Дьокуускайтан Төҥүлүгэ көһөн кэлэн сүөһү иттээри, үстэ төхтөрүйэн граннарга киирсэ сатаабыттар да, кыаллыбатах. Онон үлэтэ суох олоруохтара дуо, куораттан көспөккө олороллор. Ол эрээри, бэйэлэрин оҕолорун кытта аҕаларыгар, эһэлэригэр кэлэн оттоһоллор да, тутууга да илии-атах буолаллар эбит. Былырыын саҥа бу сири булан, хаһаайыстыбатын тэринэн эрэр буолан, сирин докумуона силигин ситэ илик эбит. Сотору кэминэн бары барыта оннугар түһүүһү.
— «Үрүйэлэртэн, сыккыстартан өрүстэр саҕаланаллар» эбэтэр «Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Син ол кэриэтэ биһиги курдук кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон атахпытыгар туран истэхпитинэ, бэйэ бородууксуйатын — эти уонна үүтү оҥорон таһаарыы кээмэйэ үрдүө этэ буоллаҕа, — диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр Прокопий Тимофеев.
Ити курдук, бэйэтин кыаҕынан хаһаайыстыбатын кэҥэтэ сылдьар Прокопий Тимофеев-Күүстээх Боруонньа санаатын түһэрбэт, сарсыҥҥыга эрэллээх, «барытын ситэриэм, кыайыам» диэн бигэ кэскиллээх толкуйдаах.
Төҥүлүгэ сырыы туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыат бээтинсэтээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: