Усуйаана оройуонун, Хаһааччыйа нэһилиэгин орто оскуолатын 1961 сыллаахха 10 буолан бүтэрбиппит. Онтон мин билэрбинэн, үс эрэ буолан хааллыбыт – мин, Пахомова Ирина Константиновна, үрдүк үөрэхтээх учуутал, СӨ норуотун маастара, Потапов Вячеслав Петрович, экэниэмикэ билимин хандьыдаата, Горохова (Томская) Нина Семеновна, үлэ бэтэрээнэ, оҕо уһуйаанын иитээччитэ.
Онон сааспыт ыраатта дии санаан, үөрэппит оскуолам 150 сааһын туолар үбүлүөйүгэр кыыспынаан Кулачикова Лена Григорьевналыын бара сылдьыбыппыт туһунан, төһө да балайда кэм аастар, кэпсииргэ быһаарынным. Ол курдук долгутуулаах, умнуллубат түгэннэр өйбөр-санаабар дириҥник иҥэн, үөрүүбүн, астыныыбын дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиэхпин баҕарабын. Сырыым, айаным суола да табыллан, улуус кииниттэн – Депутатскайтан айаннаан Хаһааччыйаҕа кэлбиппит. Онно олохтоох уруу, аймах-билэ дьонум элбэхтэр.
Хаһааччыйа оскуолатын үлэһиттэрэ олус истиҥник, итиитик көрүстүлэр. Бу бэлиэ түгэнинэн туһанан, ииһим, айар үлэм быыстапкатын дьоммор-сэргэбэр көрдөрүөххэ диэн былааннаан, оҥоһуктарбын барытын эрдэ таһаҕас тиэйэр массыынанан ыыппытым.
Оскуолам үлэһиттэрэ биир кылааһы биэрэннэр, быыстапкабын туруордубут. Оҥоһуктарбын биир дойдулаахтарбар көрдөрдүм. Санаабар, астына көрдүлэр, билистилэр. Иистэнэр баҕалаах Далбар Хотуннарга сүбэ-ама биэрдим, ииһим кистэлэҥин, ньыматын, ис хоһоонун кэпсээн билиһиннэрдим.
Оскуола 150 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт бырааһынньык үрдүк таһымнаахтык ааста. Үлэһиттэр, оҕолор бары бииргэ түмсэн, сүүрэн-көтөн олус үчүгэйдик тэрийдилэр. Бииртэн-биир интэриэһинэй тэрээһин ситимэ быстыбакка салҕанан иһэрэ үбүлүөйдээх тэрээһин кыттыылаахтарын, дьону-сэргэни астыннарда. Түгэнинэн туһанан бэлиэтээтэххэ, бу манна10 -с кылааһы үөрэнэн бүтэрбит, уопуттаах педагог Маргарита Степановна Окорокова тапталлаах оскуолатыгар өр сылларга дириэктэринэн айымньылаахтык үлэлиир. Дьэ, ити курдук үс күн биллибэккэ ааһа оҕуста.
Дуоһуйа бырааһынньыктаан, аны төннүү боппуруоһун быһааран, кыыспынаан Депутатскайга бараары, таксыы сакаастан олордохпутуна, миэхэ төлөпүөннээтилэр. Кэпсэппитим, интэринээккэ олорон үөрэммит Барабанскай Александр Васильевич эбит. Мин өр сылларга интэринээккэ иитээччинэн үлэлээбитим. Ол иһин чугастык ылынабын, саныыбын.
Александр Васильевич киһи-хара, үлэһит ааттааҕа буолан, дойдутугар дьоһуннаахтык тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьар. Кулаарга өбүгэлэрин төрүт дьарыктарын, олохторун укулаатын салҕаан, сайыннаран, тыһыынчанан ахсааннаах таба ыстаадатын тутан, кыахтаах хаһаайыстыба тэринэн дьонун-норуотун иннигэр үтүөтэ-өҥөтө улахан. Төрөөбүт-үөскээбит Хоту сирин инники сайыннарыыга уҕараабат кылаатын киллэрэр, үрдүк таһаарыылаах үлэтэ эмиэ оннук, судаарыстыбанан үрдүктүк сыаналанар.
Ол курдук киэн туттар биир дойдулаахпыт А.В. Барабанскай РФ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх горняга, СӨ бочуоттаах суол оҥорооччута. Онтон да атын үгүс наҕараадаларын киһи ааҕан сиппэт.
Александр Васильевич төлөпүөннээн биһигини Кулаарга ыҥырда. “Сарсын массыынанан кэлэн ылыам” диэбитин истэн биһиги Леналыын үөрдүбүт аҕай. Сарсыҥҥытыгар Кулаарга этэҥҥэ айаннаан тиийдибит. Манна, дьэ, көрсүһүү үөрүүтэ үрдээтэ. Александртан ураты интэринээккэ олорон үөрэммит Неустроев Юрий Егорович, Горохов Спиридон Спиридонович, Болтунова Елена манна үлэлии-хамсыы сылдьаллар эбит.
Александр Васильевич олорор дьиэтэ 2 этээстээх, наадалаах бары усулуобуйа оҥоһуллубут-тутуллубут. Үлэһиттэрэ дьиэлээхтэр, туһунан аһыыр остолобуойдаахтар. Манна кэлэн, санаабыт хоту, астына сынньанныбыт, кэпсээн-ипсээн, сонун элбэх. Пуобардара ас арааһын астыыр. Сонун астары – таба тылын, хаанын, бурдук аһы – остуол хотойорунан тардан күндүлээтэ.
Сарсыҥҥытыгар күн сырдык уотунан сыдьаайан, ыраас салгын тыынарга чэпчэкитэ астыннарда. Аны ыстаада турар сиригэр массыынанан илтилэр. Мин илдьэ сылдьар быыстапкам таҥастарын кэтэн бардыбыт. Иннибитигэр икки «Буранынан» ыстааданы үүрэн чугаһатан иһэллэр этэ. Бастаан, саҕах эрэ курдук харааран көстөллөрө. Онтон, чугаһаан истэхтэринэ, хоту кыраай көмүс манньыаттара тыыннара бурҕаҥнаан, суолтан бэрт чугас кэлэн, тамайа сүүрэ сылдьаллара, киһи сатаан ойуулаабат сөҕүмэр көстүүтэ, үчүгэйиэн! Өссө чугаһаатыннар диэн эбии аһылык куттулар. Онно саба түһэн, табаларбыт астына аһаатылар. Бостууктар ыстааданы салайан табалар төгүрүччү сүүрэллэр. Манна Лена хаартыскаҕа түһэрдэ уонна видеоҕа уһулла. Хаһан да таба ыстаадатыгар сылдьан көрбөтөх дьоҥҥо олус үөрүүлээх түгэн буолла.
Ити курдук, көтүөххэ кыната суох буолан, астынан сэниэ, күүс-уох, сырдык эниэргийэ ылан, сэргэхсийэн салгыы айаннаатыбыт. Александр Васильевич ааһан иһэр массыынаны ыҥыран, олордон Уус-Куйгаҕа тиийдибит. Онтон оптуобуһунан улуус киинигэр Депутатскайга кэллибит. Манна мин кыыһым Лена Григорьевна олорор, үлэлиир.
Мин билиҥҥи дьарыгым – иис. Ииспин сыаналаан, норуот маастарын аатын иҥэрбиттэрэ. Депутатскайга бибилэтиэкэ дьиэтигэр көрсүһүү тэрийдилэр. Аҕыйах оҥоһуктарбын илдьэ сылдьабын, онон интэриэстээх, иистэнэр баҕалаах дьоҥҥо сүбэ-ама биэрдим, иискэ уопутум кистэлэҥнэригэр үөрэттим.
Төрөөбүт-үөскээбит дойдубар, оскуолабыт 150 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһиҥҥэ сырыыбыт барыта санаабытым, баҕарбытым курдук буолбутугар-табыллыбытыгар үөрэбин. Махталбын биллэрэбин, баҕабын толорорбор көмөлөспүт дьоммор-сэргэбэр. Оҕо саастарыгар интэринээккэ олорон үөрэммит, үлэни өрө тутан олохторун оҥостубут, киэн туттар дьоммор махтал.
Ытыктабыллаах Александр Васильевич Барабанскайга барҕа махтал. Кини дьаныардаах дьарыгын, үлэҕэ бэриниилээҕин, хамсатыылаах дьаһалын, салалтатын сөҕөн, бу санаабын суруйарга быһаарынным. Эһиги үлэҕит-сырыыгыт өссө да ситиһиилээх буоллун. Махтанабын, эһиги ситиһиигититтэн учууталгыт үөрэбин.
Хоту, ыраах сытар дойдубут сайда турарын туһугар олорор, үлэлиир дьоммор махтал. Доруобай буолуҥ!
ИРИНА ПАХОМОВА -ЧӨМЧҮҮНЭ, ПЕДАГОГИЧЕСКАЙ ҮЛЭ БЭТЭРЭЭНЭ, НОРУОТ ОЙУУЛУУР ИДЭТИН, ИИҺИН МААСТАРА, СӨ КУЛТУУРАТЫН МИНИСТИЭРИСТИБЭТИН БОЧУОТТААХ БЭЛИЭТИН ХАҺААЙКАТА.
ХААРТЫСКАЛАРЫ ААПТАР ТИКСЭРДЭ.
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…