Төрөөбүт күн — быыһык кэм
Сыллата үөрэ-көтө бэлиэтиир күүтүүлээх бырааһынньыкпытыгар – төрөөбүт күммүтүгэр эмиэ туспа кистэлэҥнэр саһан сыталлар эбит. Бу күнү, чааһы Айбыт Таҥара анаан-минээн талан-талан биһиэхэ ыытар, онон бу күҥҥэ эмиэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһыахтаахпыт диэн идэтийбит үөрэхтээхтэр этэллэр. Төрөөбүт күн иннинэ уонна кэнниттэн киһиэхэ кутталлаах кэм үөскүүр үһү. Бу кэм устата киһи уйулҕата ордук чарааһыыр, кэбириир кэмэ дииллэр. Бэл, төрөөбүт күннүү сылдьан олохтон туораабыт дьон баар.
Дууһа ыраастанар
Бу көстүүгэ чопчу маннык эбит диэн быраабыла суох. Ол эрээри, уйулҕа үөрэхтээхтэрэ, астрологтар, эзотериктар үөрэтэллэр, чинчийэллэр эбит. Астрологтар быһааралларынан, уйан дууһалаах дьон төрөөбүт күннэрин иннинэ барытыттан сылайбыт, эстибит-быстыбыт көрүҥнэнэллэрэ, оттон сорохтор төттөрүтүн үөрэллэрэ-көтөллөрө, дьоллоноллоро мээнэҕэ буолбатах.
Сылга биирдэ буолар бэлиэ күн иннинэ майгы-сигили уларыйыытын дууһа ыраастаныытын кытта ситимнииллэр. Киһи дууһата ытаан-соҥоон сылы быһа муспут мөкү эниэргийэтиттэн сайҕанан, оттон үөрэн-көтөн үтүөнү, ырааһы тардан, саҥа сылга, саҥа сааска бэлэмнэнэр диэн астрологтар этэллэр.
Хас биирдии киһи төрөөбүт күнүнэн зодиак бэлиэлээҕэ эмиэ мээнэҕэ буолбатах. Арҕааҥҥы астрологияҕа зодиак бэлиэлэрэ Күн балаһыанньатынан быһаарыллаллар. Сыл устата атын планеталар араас түргэннээхтик хамсыыллар. Оттон күн эрэ сыл иһигэр биир эргимтэни оҥорон, ааспыт сыллааҕыта турбут туочукатыгар, ол эбэтэр киһи төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн төннөр эбит. Бу кэми туһанан кэлэр сылы билгэлииллэр. Төрөөбүт күн устата хайдах күн турар даҕаны оннук дьыл киһиэхэ ааһар диэн үөрэтэн көрбүттэр.
Оччоҕо хайдах төрөөбүт күннүүбүтүй?
Астрологтар төрөөбүт күнү бэлиэтиэх иннинэ уонна кэнниттэн маннык быраабылалары тутуһарга сүбэлииллэр:
– Төрөөбүт күнүҥ иннинэ биир ый уонна биир ый кэнниттэн саҥаны саҕалаабатыҥ ордук. Бу ыһыллыыны-тоҕуллууну, эбии сүгэһэри аҕалыаҕа;
– Төрөөбүт күнүҥ иннинэ эрдэ саҕалаабыт бырайыактаргын түмүктүү сатаа, олоҕуҥ саҥа сылыгар уруккуну соһума;
– Бу кылгас быыһык кэмҥэ бэйэҥ-бэйэҕэр олорон санааҕын сааһылаа. Олоҕуҥ ааспыт сылыгар туох кыайыылары ситиспиккин анаалыстаа, табыллыбатах өрүттэргиттэн туох уруогу ылбыккын чопчулаа;
– Кимиэхэ тоҕо өһүргэммиккин, хомойбуккун ахтан аас. Курус санааны илдьэ сылдьыбат инниттэн искэр бу дьону бырастыы гын. Олоххор көрсүбүт хас биирдии киһиҥ эйиэхэ туохха эмит уопуту аҕаларын өйдөө;
– Аны эн бэйэҥ өһүргэппит, хомоппут, сыыһа тылласпыт дьоҥҥун санаа. Кыаллар буоллаҕына, илэ көрсөн, төлөпүөннэһэн, суругунан алы гыналларыгар көрдөс. Табыллыбат буоллаҕына, искэр даҕаны саныаххын сөп;
– Бэйэҥ майгыҥ мөкү өрүттэрин ырыт. Олоҕуҥ кэлэр сылыгар уонна да инникитин бу өрүттэртэн аккаастанарга дьулус.
Уйулҕаһыт сүбэтэ
Төрөөбүт күн биир ый инниттэн уонна биир ый кэнниттэн киһиэхэ саамай кутталлаах кэрдиис кэм дииллэр. “Оруобуна төрөөбүт күнүгэр “барбыт”, “соторутааҕыта эрэ төрөөбүт күннээбитэ”, “аны аҕыйах хонугунан төрөөбүт күнэ буолуохтаах этэ” диэн кэпсииллэрин истээччибит.
Хас даҕаны сыллааҕыта биһиги хаһыаппытыгар уйулҕаһыт, нумеролог, киһиэхэ сөп түбэһэр ааты буларга көмөлөһөр Марианна Тимофеева бу быыһык кэрдиис кэм туһунан маннык санаатын үллэстибитэ:
— Төрөөбүт күн иннинэ уонна кэнниттэн кутталлаах кэм диэн баар. Киһи уйулҕата ордук чарааһыыр, кэбириир кэмэ. Нуучча итэҕэлигэр этиллэринэн, ити бириэмэҕэ аанньаллар киһини соҕотохтуу хааллараллар эбит. Оччоҕо киһи көмөтө суох буолар. Ол иһин, ордук ити кэмҥэ чуумпутук, салгыны мээнэ хамсаппакка сылдьыллыахтаах диэн этэллэр.
Оттон саха итэҕэлигэр төрөөбүт күнү бэлиэтээһин туһунан улаханнык ахтыллыбатах даҕаны диэххэ сөп. Үгүс айымньыларга, үһүйээннэргэ суруллубуту аҕыннахха, саас чопчуламмат быһыылаах. Орто саастаах киһи, сүүһүн ааһа барбыт киһи, астыйбыт баттахтаах киһи диэн суруллубуту элбэхтэ аахпыт буолуохтааххыт.
Биир күҥҥэ төрөөбүт уонна өлбүт
Биир күҥҥэ күн сирин көрбүт уонна барбыт дьон эзотериктар күүстээх личностарынан уонна толору натуралаах дьонунан ааҕаллар эбит. Ол аата, кинилэр биир күҥҥэ олохторун аанын арыйан уонна сабан, олохторун циклин сөпкө тутуһан, сиргэ кэлбит аналларын толору оҥорон барбыттар диэн үөрэппиттэр.
Төрөөбүт күнүгэр өлбүт аан дойду үрдүнэн саамай биллэр киһинэн 16-с үйэҕэ Аангылыйаҕа олорон ааспыт драматург Уильям Шекспир буолар. Суруйааччы 1564 сыллаахха муус устар 23 күнүгэр күн сирин көрбүт уонна 52 сыл олорон баран, төрөөбүт күнүгэр сырдык тыына быстаахтаабыт. Кини өр кэм устата ыараханнык ыалдьыбыт, онон соһуччу өлбөтөх. Ол эрээри, биир күн төрөөбүтэ уонна өлбүтэ мистиканан ааҕыллар.
Оттон ырыаһыт уонна ыытааччы Майкл Дуглас 1925 сыллаахха атырдьах ыйын 11 күнүгэр төрөөбүт уонна эмиэ ол күн 2006 сыллаахха күн сириттэн туораабыт. Өлүөн иннинэ кини араак ыарыыны кыайбыта биллэр. Гольф оонньуур кэмигэр күҥҥэ оҕустаран, балыыһаҕа киирэн тыына быстыбыт.
“Легенда №17” киинэҕэ оонньоон биллэн-көстөн барбыт артыыс Никита Емшанов 1983 сыллаахха атырдьах ыйын 17 күнүгэр төрөөбүт. Кини 2011 сыллаахха, лоп-бааччы 28 сааһын туолбут күнүгэр, суол быһылааныгар түбэһэн күөгэйэр күнүгэр сылдьан олохтон туораабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: