Төрөппүтү эмиэ үөрэтэр учуутал

Төрөппүтү эмиэ үөрэтэр учуутал

06.08.2023, 16:00
Хаартыска: Т.Скрябина тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

«Киһи сааһын тухары үөрэнэр» диэн этии баар. Биир үтүө күн мин эмиэ «оскуола үөрэнээччитэ» буолан ылбыппыттан бэйэм да соһуйдум, сонньуйдум, сөхтүм-махтайдым.
Ол курдук, Дьокуускай куорат 202‑с оройуонугар баар «Сайдыс» оҕо киинин уһуйааччыта, оҕо туһугар олоҕун анаабыт норуот учуутала, айылҕаттан айдарыылаах Татьяна Артамоновна Скрябина үлэтин-хамнаһын ааҕааччыларбар билиһиннэрэ түһээри, кини «Дорҕоон үөрэҕэ» диэн ньыматын билсэр, тэҥҥэ үөрэнэр түгэн тосхойдо. Алын кылаас оҕотун оруолугар киирэн ылан, учууталбын кытары тэҥҥэ үөрэнэн баран, Татьяна Артамоновна оҕолорго, төрөппүттэргэ олус туһалаах үлэнэн дьарыктанарыгар махтана санаатым.

Дорҕоон үөрэҕэ

Билигин биир-икки да тылы сатаан ситимнээбэт, нууччалыы-сахалыы буккуйан саҥарар эбэтэр үөрэҕи ылына охсубат, ыарырҕатар оҕолор бааллара мэлдьэх буолбатах. Дьэ, оннук 4–6 саастаах оҕолору оскуолаҕа киириэхтэрин иннинэ сөпкө саҥарарга, ааҕарга, суруйарга үөрэтэр уонна оскуолаҕа мөлтөхтүк үөрэнэр оҕолору эбии дьарыктыыр үтүө дьыаланан үлүһүйэн туран дьарыктанар эбит.
Кини «Дорҕоон үөрэҕэ» ньыматын саха тылын үөрэхтээхтэрэ, исписэлиистэр научнай үлэҕэ тэҥнииллэр. Педагогика наукатын дуоктара, саха тылын уонна литературатын үөрэтэр методика кафедратын сэбиэдиссэйэ Евдокия Поликарпова сахалыы сөпкө ааҕарга, суруйарга Татьяна Скрябина ньыматыттан атын ньыма суоҕун бэлиэтиир. «Айар» кинигэ кыһата «Дорҕоон үөрэҕэ» диэн кинигэ оҥорон таһааран, ааптар үлэтин киэҥ араҥаҕа билиһиннэрбитэ. Бу кинигэнэн уонна ааптарга бэйэтигэр үөрэнэн, элбэх оҕо уонна төрөппүт махталларын этэллэр. Татьяна Артамоновна дьарыгын биир уратытынан кини төрөппүтү кытары тэҥҥэ үлэлиирэ буолар.
«Дорҕоон үөрэҕэ» ньыманы оскуолаҕа киирэргэ бэлэмнэнэр, нууччалыы-сахалыы буккуйан саҥарар, куһаҕаннык саҥарар, дьиэҕэ олорон үөрэнэр, оскуолаҕа мөлтөхтүк үөрэнэр оҕолор бары туһанар кыахтаналлар. Ону таһынан 1 кылаас үөрэнээччитэ хара бастакыттан сөпкө суруйар уонна ааҕар буоларыгар олус туһалаах.
Татьяна Артамоновна үөрэҕэ этэринэн, оҕо бастаан айаҕынан сөпкө саҥарыахтаах, ол саҥарбыт дорҕоонун сөпкө истиэхтээх. Уоһун хайдах хамсатара, туттара-хаптара — эмиэ туспа сатабыл. Дьэ, манна кини дорҕооннору үөрэтэригэр бу «А», бу «Б» буукубалар диэн судургутук үөрэтэн кэбиспэт. Барытын уруһуйунан көрдөрөр, саҥардар, күллэрэр, үөрдэр, тыаһы таһаарар, дүпсүүргэ охсон оҕо ылынарын дириҥэтэн биэрэр, салгыны сатаан таһаарарга үөрэтэр, оҕо фантазиятын сайыннарар уо. д.а. Дьэ, оччоҕо эрэ дорҕоону сөптөөхтүк таһаараҕын. Быһата, учуутал уонна үөрэнээччи «артыыска» кубулуйан, оонньоон, мэниктээн да ылаллар. Ити барыта оҕо үөрэҕи түргэнник уонна сөпкө ылынарыгар көмөлөһөр.
«Биллэн турар, оҕо сайдыытын таһыма, үөрэҕи ылынар кыаҕа араас. Ол да буоллар, тугу үөрэппитин хайаан да билиэхтээх диэн, тугу эмэ ыарырҕаттахтарына уруок кэннэ хаалларар идэлээҕим. Хайаатар да өйдөтөн баран тэйэрим. Олох кыаллыбатаҕына төрөппүтү көмөҕө тардарым. Ол кэнниттэн оҕо мэлдьи хайдах төрөппүтүн соһуой? Кыһалларыгар тиийэр.
Билигин даҕаны төрөппүт, оҕо, учуутал көмөлөсүһэн үлэлииллэрин тэрийэбин. Төрөппүтү оҕо курдук үөрэтэбин. Оччоҕо эрэ кини оҕотугар көмөлөһөр кыахтанар. Оҕону үлэлииргэ үөрэтэбин», — диэн «учууталым» кэпсиир. Ол да иһин, дьарыктанааччылар учууталларын үөрэтэр ньыматын, табылыыссанан дьарыгын дьиэлэригэр хайаан хатылыыллар, чиҥэтэллэр.
Татьяна Артамоновна: «Биир билиини билбит оҕо ол билиитин туһанан атын билиини ылар, оннук баран иһэр, биирдэ өйдөөбүтэ сөпкө суруйбут уонна ааҕар буолан хаалар. Туох да ыарахана суох», — диэн судургутук быһаарар.
Ааптар бу соҕотоҕун айбыт дуу, туһанар дуу ньымата буолбатаҕын туһунан этэр. Николай Демьянович Дьячковскай «Звуковой строй якутского языка» кинигэтэ, саха тыла кэхтибэтин, сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар олохторун анаабыт Тамара Петрова, Иван Алексеев‑Хомус Уйбаан, Евдокия Поликарпова уо. д.а. күүс-көмө буолаллар. Онно эбии Татьяна Скрябина олоҕун тухары иҥэриммит үөрүйэҕэ,
ылбыт билиитин оҕолорго тириэрдэр дьулуура улахан оруолу ыллаҕа. Манна сыһыаран эттэххэ, кини — учуутал Бөтүрүөптэр династияларыттан биирдэстэрэ. Үс көлүөнэ тухары Бөтүрүөптэр педагогическай династиялара Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэхтээһин сиcтиэмэтэ сайдарыгар, эдэр көлүөнэни үөрэтиигэ-
иитиигэ тугунан да кэмнэммэт сыаналаах кылааты киллэрэллэр.
Сэһэргэһээччим үөрэҕэр үксүгэр 5–6 оҕо буолан онлайн үөрэнэллэр. Ону таһынан «Сайдыс» киин үлэтин былаанынан, учууталларга, төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ араас сэминээрдэри, үөрэхтэри тиһигин быспакка ыытар.
Оҕолор тапталлаах учууталлара Тамара Скрябина хайа да оскуолаҕа үлэлээбитин иһин, бэйэтин ураты суолун-ииһин хаалларан кэллэ. Оҕону үөрэххэ тардыһыннарарынан, кини ис кыаҕын уһугуннарарынан, көхтөөх, чаҕылхай оҕолору иитэн таһаарарынан, ураты сэмэй майгытынан, оҕолуу ыраас дууһатынан олус сыаналанар учуутал Татьяна Артамоновна Скрябина биһиги ортобутугар үлэлии-хамсыы сылдьара — биһиги дьолбут.

«Ийэбит биһиэхэ эрэ бэлэхтээбит дорҕоонноро»

А. И. Жерготова, Дьокуускай куорат «Мичээр» уһуйаанын иитээччитэ:
— Татьяна Артамоновна тыаһы дорҕоонтон арааран истэртэн саҕалаан, сыыйа уһун, кылгас аһаҕас дорҕооннору, дьуптуоннар өйдөбүллэрин, бүтэй дорҕооннору, сүһүөх арааһыгар үлэни, дорҕоон табылыыссатын көмөтүнэн буукубаҕа көһөрөн киллэриини сыыйа ситимнээн киллэрэр. Хас биирдии дорҕоону, дьуптуону оҕоҕо өйдөнүмтүө тылынан судургутук быһааран көрдөрөн, анал бэлиэлэри уруһуйдатан, оонньуу нөҥүө билиһиннэрэр табыгастаах табылыыссалары оҥорбута кэрэхсэбиллээх. Оҕо истибитин, көрбүтүн уруһуйдаатаҕына түргэнник өйдүүр, ылынар. Оонньуунан оҕолору дорҕоон дойдутугар айаннатан, бэйэлэрэ толкуйдаан этэллэригэр эрчийэн, дорҕооннору сөпкө истэн саҥарарга үөрэтэр. ону таһынан саха тылын ураты бүтэй дорҕооннорун билиһиннэрэр туспа салаатыгар, «ийэбит биһиэхэ эрэ бэлэхтээбит дорҕоонноро» диэни оҕо сүрэҕэ олус чугастык ылынан түргэнник өйдүүр кыаҕы ситиһэр. Ити курдук, атын дорҕооннорун эмиэ ойуулаан, дьүһүннээн кэпсээн, туттан-хаптан көрдөрөн үөрэтэрэ оҕо уйулҕатын күүскэ таарыйар, оҕону толкуйдатар. Маннык саҥа ньыма уһуйааҥҥа алта саастаах оҕолору оскуолаҕа бэлэмнииргэ олус наадалаах. Оҕо дорҕоону сөпкө истэн, саҥаран, ыарырҕаппакка түргэнник сахалыы саҥарар үөрүйэҕэр дэбигэстик киирэр эбит.
Өссө саха күпсүүрүн туһанара дьикти. Күпсүүр тыаһынан доҕуһуоллатан олоҥхо олуктарын иһитиннэрэн, оҕолорго саҥардан сахалыы дорҕоонноох тыллары сүһүөххэ араарарга эрчийэр эбит.

А. АЛЕКСЕЕВА, Чурапчы орто оскуолатын дьиэҕэ олорор инбэлиит оҕолору иитэр-үөрэтэр холбоһугун алын кылаас учуутала:
— Мин «Дорҕоон үөрэҕэ» диэн онлайн-кууруска үөрэнним. Бу кууруһу ыытааччы Татьяна Артамоновна Скрябинаҕа истиҥ махталбын тиэрдэбин. Кини уһун сылларга оҕону үөрэтиигэ үлэлээн кэлбит уопутун, үөрэтэр ньыматын биһиэхэ билиһиннэрэн, сүрүн хайысхаларын кэпсээн, ону барытын табылыыссанан көрдөрө-көрдөрө толору быһаарда диэн астынным. Төрүөхтэриттэн ыарыһах оҕолорбутун сахалыы ыраастык саҥарарга, таба ааҕарга уонна сөпкө суруйарга үөрэтэрбитигэр улахан көмө буолуо диэн эрэнэбин. Бэйэм син билэр-көрөр курдук сананар этим да, билбэтэхпин биллим, истибэтэхпин иһиттим, онон үрдүктүк сыаналыыбын. Бу үөрэхтэн туһаммыт дьон элбии турдун.
Сайдыс» киин тэрийээччилэригэр уонна үлэһиттэригэр үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.

БЫҺААРЫЫ:

Т.А.СКРЯБИНА:
Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах. үлэһитэ, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, «Методист Якутии» бэлиэ хаһаайката, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха сиринээҕи норуот педагогикатын чилиэнэ, «Дорҕоон үөрэҕэ» кинигэ ааптара.
1971 с. — Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогика училищетын бүтэрбитэ;
1994 с. — Томскай куоракка сайыннарыылаах үөрэтии үнүстүтүүтүн бүтэрбитэ.
1997 с. Дьокуускайга СГУ педагогика факультетын бүтэрбитэ.
2001 сыллаахха, Дьокуускайга саха оскуолата аҕыйаҕынан сибээстээн, Саха университетын бэрэпиэссэрэ, доктора Антонина Ивановна Петрова, педагогика билимин хандьытаата, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Светлана Степановна Семенова, учууталлартан Т.А.Скрябина төрөппүттэри көҕүлээннэр, көрдөһүү сурук суруйаннар, сүүрэн-көтөн, 2001 с. саха оскуолатын астарбыттара.
Онтон ыла Саха гимназиятыгар үлэлээн баран, «Сайдыс» диэн оҕо киинигэр үлэлии-хамсыы сылдьар. Салгыы «Дорҕоон үөрэҕэ» үлэтин суруйарыгар Тамара Ивановна Петрова ыараханнык ыалдьа сытар буолан, күүс көмө буолар кыаҕа суоҕа уонна «Таанньаа, ити үлэҥ барыта кыһалҕаттан тахсыбыт», -– диэбитэ.

 Евдокия Поликарпова: «Т.А.Скрябина салгыы дьоһун уопутун өссө дириҥэтэн, «Азбука» оҥорон таһаарара буоллар, улахан туһалаах буолуо этэ», -– диэн баҕа санаатын этэр

Хаартыска: Т.Скрябина тиксэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: