«Төрүччү төлкөтө» сийиэс уопсастыбанньыктары түмтэ

Share

Бу өрөбүллэргэ, от ыйын 8-9 күннэригэр, киин куоракка «Төрүччү төлкөтө» Саха сирин норуоттарын төрүччүтүн II сийиэһигэр нэһилиэктэр баһылыктара, кыраайы үөрэтээччилэр, учууталлар, уопсастыбаннай түмсүүлэр —  бу боппуруоска сыһыаннаах дьон бары түмсэн кэскиллээх тосхоллору торумнууллар.

Суолталаах тэрээһин  Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүгэр ананна. Сийиэс чэрчитинэн араас быыстапка, хайысхаларынан санаа атастаһыыта буола турар.

Бастакы күн, субуотаҕа, Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах түмэлигэр «Мин төрүччүм» IV өрөспүүбүлүкэтээҕи  генеалогическай чинчийии кыттыылаахтарын үлэлэрин быыстапката аһылынна. Сарсыардаттан Комсомольскай болуоссакка төрүччү оҥорооччулар быыстапкалара буолла.

Эбиэт иннинэ СӨ Аҕа баһылыгын иһинэн үлэлиир инновационнай менеджмент Үрдүкү оскуолатыгар 4 былаһаакканан хайдыһан, былаас уонна олохтоох салайыныы уорганнара төрүччүнү оҥорор дьону кытта бииргэ үлэлээһиннэрин, дьиэ кэргэн устуоруйата оҕону сиэр-майгы өттүгэр иитиигэ оруолун, кыраайы үөрэтиигэ генеалогическай чинчийии ньымаларын,  теорияны уонна быраактыканы хайдах ситимниэххэ сөбүн ырыттылар.

СӨ Хотугу норуоттарын генеалогияҕа уонна этнологияҕа научнай чинчийэр институтун Уопсастыбаннай сэбиэтин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров суолталаах тэрээһин туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:

Сарсын 10 чаастан А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сийиэс пленарнай мунньаҕынан түмүктэниэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

9 часов ago