Төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар судаарыстыба өйөбүлүн ылыахтаахтар

Share

Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар общиналарыгар бу хайысхаҕа үлэлиир урбаанньыттарга курдук, судаарыстыба өйөбүлүн биэриэххэ наада.

Ол курдук төрүт үгэһи,  национальнай култуураны үйэтитэр элбэх этиини РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин приемнайыгар Саха сириттэн хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциацията эппитэ. Ол курдук, уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Татьяна Сивцева туруорсарынан, общиналар өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын араас эйгэтигэр дьарыктанар дьону кытта тэҥҥэ судаарыстыба өйөбүлүн ылаллара сөптөөх буолуо диэн бэлиэтиир. Национальнай общиналар билигин кэммиэрчэскэйэ  суох тэрилтэлэр курдук сурулла сылдьар буоланнар, кинилэр үп-харчы өйөбүлүгэр тиксибэттэр эбит.  Ассоциация өссө биир этиитинэн, табаһыт идэтин таһымын үрдэтии буолар. Бу  Саха сиригэр олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттар үгэс буолбут төрүт дьарыктара.  Татьяна Сивцева биир сүрүн туруорсуутунан, олохтоох нэһилиэнньэҕэ балык атыытын сыанатын чэпчэтии буолар. «Олохтоох бородууксуйа сыаната удамыр буолуохтаах», — диир кини. Кини общиналар ортолоругар балык хаһаайыстыбаларын тэрийии туһунан этии киллэрбит. Уматыгынан, субсидиянан өйөбүл баар буоллаҕына, бултаммыт балыгы ырыынакка, маҕаһыыннарга утары атыыга туттарар туһатын бэлиэтээбит. Маннык үлэ хайысхата общиналарга, нэһилиэнньэҕэ бары өттүнэн туһаны аҕалыан сөбүн, ону сэргэ олохтоох төрүт дьарыгы үйэтитии буоларын ыйбыт.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago