Төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар судаарыстыба өйөбүлүн ылыахтаахтар
Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар общиналарыгар бу хайысхаҕа үлэлиир урбаанньыттарга курдук, судаарыстыба өйөбүлүн биэриэххэ наада.
Ол курдук төрүт үгэһи, национальнай култуураны үйэтитэр элбэх этиини РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин приемнайыгар Саха сириттэн хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциацията эппитэ. Ол курдук, уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Татьяна Сивцева туруорсарынан, общиналар өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын араас эйгэтигэр дьарыктанар дьону кытта тэҥҥэ судаарыстыба өйөбүлүн ылаллара сөптөөх буолуо диэн бэлиэтиир. Национальнай общиналар билигин кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр курдук сурулла сылдьар буоланнар, кинилэр үп-харчы өйөбүлүгэр тиксибэттэр эбит. Ассоциация өссө биир этиитинэн, табаһыт идэтин таһымын үрдэтии буолар. Бу Саха сиригэр олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттар үгэс буолбут төрүт дьарыктара. Татьяна Сивцева биир сүрүн туруорсуутунан, олохтоох нэһилиэнньэҕэ балык атыытын сыанатын чэпчэтии буолар. «Олохтоох бородууксуйа сыаната удамыр буолуохтаах», — диир кини. Кини общиналар ортолоругар балык хаһаайыстыбаларын тэрийии туһунан этии киллэрбит. Уматыгынан, субсидиянан өйөбүл баар буоллаҕына, бултаммыт балыгы ырыынакка, маҕаһыыннарга утары атыыга туттарар туһатын бэлиэтээбит. Маннык үлэ хайысхата общиналарга, нэһилиэнньэҕэ бары өттүнэн туһаны аҕалыан сөбүн, ону сэргэ олохтоох төрүт дьарыгы үйэтитии буоларын ыйбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: