Төрүт таҥаһы сөргүтүүгэ аналлаах куонкурус ыытылынна

Share

«Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута» бэстибээл чэрчитинэн, бу күннэргэ Сунтаар сэлиэнньэтигэр саха эр киһитин кыһыҥҥы төрүт таҥаһын көрүү куонкуруһа ыытылынна.

Тэрээһиҥҥэ 19 нэһилиэк кытынна. Сүрүн соругунан эр дьон кыһыҥҥы төрүт таҥаһын тарҕатыы уонна умна быһыытыйбыт төрүт таҥаспытын сөргүтүү, дьону тигэргэ көҕүлээһин буолар. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар төрүт таҥаһы тигиигэ ааттаах- суоллаах маастардар киирдилэр. Урукку өттүгэр маннык ис хоһоонноох куонкурус улууска ыытылла илигэ. Төһө да бастакытын тэрилиннэр үлэлэр үрдүк сыанабылы ыллылар. Иис үлэтигэр нэһилиэк дьоно бары туруннаҕына эрэ бастыҥ, үйэлээх үлэлэр тигиллэн кэлэр көлүөнэҕэ хаалыахтара.

Сунтаартан Мира АФАНАСЬЕВА.

Хаартысканы Мира Афанасьева тиксэриитэ
Хаартысканы Мира Афанасьева тиксэриитэ
Хаартысканы Мира Афанасьева тиксэриитэ
What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

7 часов ago