Хоноҕордооҕу «Түһүлгэ» СК Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө Уус Алданнааҕы тиэхиньикум устудьуоннарын икки ардыларыгар «Бары бииргэ» булугас өйдөөхтөр, көрдөөхтөр оонньуу-күрэхтэһиилэрэ ыытылынна.
Бэлиэ тэрээһин киирии чааһыгар эҕэрдэ тылы сынньалаҥ киинин сэбиэдиссэйэ Е.Н.Гоголева эттэ, Сомоҕолоһуу күнүн суолтатын, историятын сырдатар иһитиннэриини бибилэтиэкэр И.А.Осипова оҥордо, тематическай быыстапка көрдөрүлүннэ, уус-уран салайааччы В.С.Бубякина таһаарыытынан Сомоҕолоһуу оһуохайа дьиэрэйдэ.
Ол кэнниттэн көрдөөхтөр, булугас өйдөөхтөр күрэстэрэ саҕаланна. Күрэхтэһиини тэрийээччи-педагог Л.П.Заровняева иилээн-саҕалаан ыытта. Көрдөөх күрэскэ барыта 5 хамаанда 5 түһүмэххэ күөн көрүстэ. Устудьуоннар хамаанданы билиһиннэрии, ыйытыктарга хоруйу биэрии, миниатюралары көрдөрүү, көҥүл түһүмэх уонна командирдар түһүмэхтэригэр олус көхтөөхтүк кытыннылар.
Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн 1 миэстэни «Повар-кондитер-21» кыргыттар хамаандалара ылла. Иккис бириистээх миэстэҕэ «ЗЧС» бөлөх көрдөөх хамаандата таҕыста. Үһүс бочуоттаах миэстэни «Доҕордуулар» хомуур хамаандата ылла. Маны таһынан хамаандалар үс анал ааты ыллылар. Ол курдук, «Көрөөччү биһирэбилэ» — «ЗЧС» хамаандата, «Бастыҥ дьээбэ» — «Автомеханиктар» хамаандалара уонна «Кыайыыга дьулуур» — «Повар-кондитер-24» хамаанда буоллулар.
Устудьуоннар тиэхиньикум остолобуойун кэлэктиибэ бэлэмнээбит минньигэс бириистэрин уонна И.Г.Усова ПК-24 бөлөх устудьуоннарын кытта астаабыт минньигэс тортарын бэлэх тутан олус үөрдүлэр.
Кыттааччылар бары олус кыһаллан, бэлэмнэнэн кэлэн, сонун нүөмэрдэри, көрдөөх миниатюралары оонньоон, ыллаан-туойан, түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр. Көрөөччүлэри сэргэхситиэхтэрин сэргэхситтилэр, көрдөөх киэһэни бэлэхтээтилэр.
Ирина Осипова,
Хоноҕор бибилэтиэкэрэ.
Хаартыскалар ааптар тиксэриилэрэ.
Олонхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол…
Бу сыл сэтинньиттэн 10 тыһ. тахса сурутааччылаах блог уонна канаал бас билээччилэрэ Роскомнадзорга бэлиэтэниэхтээхтэр (регистарция).…
«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…
Хас да сыллаах үөрэтии, архыып докумуоннарын хасыһыы түмүгэр, Үгүлээт нэһилиэгин туһунан аан-бастаан сурукка киирбит, ол…
Сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнүгэр, Ил Дархан анал истипиэндьийэлэрин Туоһу суруктарын туттарыы үөрүүлээх…