Эһиил тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14375 солкуобай буолуоҕа. Тустаах сокуоҥҥа РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаата.
Быйылгы сокуонунан, тохсунньуга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэҕэ 12654 солкуобай этэ. Бэс ыйыгар уон бырыһыан үрдээн, 13919 солкуобай буолбута. Эһиил, тохсунньуттан саҕалаан, бу суума нэһилиэнньэҕэ ортотунан 14,3 тыһыынча солкуобай буолуоҕа. Үлэлиир дьоҥҥо – 15669, биэнсийэлээхтэргэ – 12363, оҕолорго – 13944 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ туохха дьайарый? Бастатан туран, бу көрдөрүүгэ олоҕуран, судаарыстыбаттан көрүллэр араас чэпчэтии төлөбүрдэрэ быһыллаллар. РФ үлэтин, социальнай харыстабылын миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрбитинэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ улааппытынан дойду үрдүнэн 15 мөлүйүөнтэн тахса киһи эһиилгиттэн үрдэтиллибит социальнай төлөбүрдэри ылыахтара. Ол иһигэр оҕолоох ыаллар, биэнсийэлээхтэр, хат дьахталлар.
Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ эрэгийиэннэринэн тус-туһунан. Холобур, Москваҕа билигин нэһилиэнньэҕэ уопсай 20585 солкуобайынан быһыллан турар. Оттон үлэһиттэргэ – 23508, биэнсийэлээхтэргэ – 15410, оҕолорго – 17791 солкуобай. Крым Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэһиттэргэ – 13379, биэнсийэлээхтэргэ – 10556, оҕолорго – 12720 солкуобай. Татарстаҥҥа: үлэһиттэргэ – 11724, биэнсийэлээхтэргэ – 9250, оҕолорго – 10433 солкуобай. Хабаровскайга: үлэһиттэргэ – 18389, биэнсийэлээхтэргэ – 14509, оҕолорго – 18586 солкуобай. Оттон Саха сиригэр билигин үлэһиттэргэ – 22911, биэнсийэлээхтэргэ – 18076, оҕолорго – 21839 рублей солкуобай.
От ыйын 1 күнүгэр Бүлүү оройуоннааҕы суута кафе-бар үлэтин 30 хонукка тохтотор туһунан уурааҕы таһаарда. …
Бу эбийиэктэр “Үтүө дьыала хамсааһын” уонна “СӨ култуураны сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчилэринэн киириэхтэрэ. Дьааҥы улууһун…
Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ Дьокуускай куоракка Можайскай уулуссаҕа биир эр киһи массыыналаах киһини охсуталыыр видеота…
Ис дьыала министиэристибэтин Чурапчытааҕы дьуһуурунай чааһыгар маҕаһыын хаһаайыныттан сайабылыанньа киирбит. Ол курдук маҕаһыыныттан 77 000 …
Дьону таһар тырааныспар хойутаан кэллэҕинэ, таһааччылары ыстарааптыыр туһунан сокуон барылын ЛДПР дьокутааттара Госдуумаҕа киллэрдилэр. …
Саха сиригэр икки улахан далааһыннаах тэрээһин буолаары турар: Олоҥхо ыһыаҕа уонна Манчаары оонньуулара. СӨ Бырабыыталыстыбатын…