Тиксии бөһүөлэккэ киһи өлүгүн булбуттар
21.12.2024, 12:57
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 5 буруйу оҥоруу регистрацияламмыт. Ол иһигэр киһи өлүгүн булбуттар, түөкүттэргэ албыннаппытар. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тиксии бөһүөлэккэ холкуоска киһи өлүгүн булбуттар. Ону кытта 22 саастаах уол үгээрдээн балыыһаҕа киирбит. Ленскай оройуонугар 43 саастаах эр киһи улахан эчэйиилээх балыыһаҕа ыытыллыбыт.
Дьокуускайга уонна Нерюнгрига түөкүттэргэ албыннаппытар.Ол курдук, аферистар 84 саастаах эр киһиттэн 331 тыһыынча солкуобайы ылбыттар. Киин куоракка итирик суоппар-рецидивист киһини туттулар.
Сууккаҕа биэс итирик туруктаах суоппар тутуллубут.
+1
+1
+1
+1
+1
8
+1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: