Хаартыска: sakha.gov.ru ылылынна
Бу күннэргэ тирэх пууннар Дьокуускайтан, Тааттаттан, Уус Алдантан тиийбит дэлэгээссийэлэри дойдуларыттан сылдьар байыастары кытары көрүһүннэрдилэр.
Бу туһунан байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар тирэх пууннары сүрүннээччи «Юстас» иһитиннэрдэ.
—Нэдиэлэ устатыгар тирэх пууннар үлэһиттэрэ подразделениелар быстах кэмҥэ тохтуур пууннарыгар 24 сырыттылар. Байыаннай сулууспалаахтарга 67 аадырыстаах баһыылка тиэрдилиннэ. Бойобуой чаастарга Донбааска көмөлөһөр Хотугулуу-Илиҥҥи пуондаттан уонна Саха сирин организацияларыттан ыытыллыбыт икки тиэхиньикэ бэрилиннэ, — диэн кини кэпсиир. ДНӨ тирэх пуунун мэхээнньиктэрин бөлөхтөрө нэдиэлэ иһигэр 6 квадроциклы оҥорон стройга төнүннэрбиттэр.
—Арассыыйа күнүгэр Ростовка СВО волонтердарыгар анаммыт Арассыыйаҕа бастакы пааматынньык арыллыытыгар, Саха сирин тирэх пууннарын волонтердара уонна үлэһиттэрэ «За помощь и милосердие» Оборона министиэристибэтин мэтээллэринэн наҕараадаланнылар, — диэн «Юстас» бэлиэтээн этэр.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/6544 манна ааҕыҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Саха сиригэр 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…
Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…
Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрдэ. --Быйыл тутуу үлэтигэр,…
Ахсынньы 23 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар туһаайан этиитэ саҕаланна. Кини бу…
Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сылга Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын кэлим…
Владимир Сивцев, тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын миниистирэ: -Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын, суолун хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан болҕомтотун…