ТНТ ханаалга “Титаннар” телешоу кыттыылаахтара мас тардыһыытыгар күөн көрсүөхтэрэ

Share

Оҥоһуу өй Арассыыйа күүстээх дьонун саҥа киирсиигэ ыҥырда.

ТНТ ханаалга “Титаннар” телешоуга кыттар Арассыыйа күүстээх спортсменнара мас тардыһыытыгар күрэстэһиэхтэрэ. Саҥа таһаарыыга анаан успуорт национальнай көрүҥэр күрэстэһиҥ диэн сорудаҕы оҥоһуу өй этэн биэрдэ, диэн СИА кэрэспиэдьиэнэ Дьулустаан Сергеев суруйар.

Телешоу ахсыс түһүмэҕэр дойду биллэр-көстөр атлеттара аны сахалыы успуорт национальнай көрүҥэр күрэхтэһиэхтэрэ. Мас тардыһыылаах таһаарыы от ыйын 14 күнүгэр, өрөбүлгэ, олохтоох бириэмэнэн 20.00 чааска ТНТ ханаалга көстүөҕэ.

“Саҥа технологиялары туһанан, ТНТ телеханаал урут суох спортивнай эспэримиэни ыыта сылдьар. Сүрдээх элбэх дааннайдары үлтү сыымайдаан баран, нейросиэт киһи этин-сиинин кыаҕын бэрэбиэркэлиир сыаллаах уустуктан уустук холонуулары биэрэн иһэр. Биһиги эспэримиэммит быһыытынан Арассыыйа саамай күүстээх дьоно, дьиҥнээх титаннар, күүстээхтэн күүстээх ааты ылар туһуттан киирсэллэр – шоу кыайыылааҕар 10 мөл. солк. бириис туттарыллыа”, — диэн этиллэр шоу туһунан суруйууга.

Мас тардыһыыта бүгүн аан дойдуга барытыгар биһирэнэр буолла. Хайыы-үйэ аан дойду 5 чөмпүйэнээтэ, 2014 сылтан Аан дойду кубога ыытыллар. РФ успуорка министиэристибэтэ успуорт маастара, аан дойдутааҕы кылаастаах маастар, Арассыыйа успуордун үтүөлээх маастара диэн официальнай ааты-суолу туттарар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

4 часа ago