Тохсунньу билгэлэрэ

Share

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу билгэлэрин сыныйан көрүөҕүҥ.

14.01 — саҥа ый үүнэр. Ый саҥата саҕаланар. Эргэ саҥа дьылы көрсүһүү. Бу күн устата хайа эмэ кэмҥэ былытырдаҕына, дьаҥ-дьаһах сыл хайа кэмигэр буолара быһаарыллар.

14.01-20.01 – Таҥха оонньуута. Сүллүүкүннэр ууттан тахсаллар.

19.01 – Кириһиэнньэ. Кириһиэнньэ тымныыта түһэр, Таҥха иһиллээһинэ. Бу күн күннээх тымныы буоллаҕына, сайына кураан. Томороон тымныы олунньу 1 күнүгэр диэри күүһүрэр.

21.01 – соҕурууттан тыалырдаҕына, сайына кураан.

23.01 – кэбиһиилээх от кырыардаҕына, сайына ардахтаах.

24.01 – сис былыт кэллэҕинэ, тохсунньу 31-гэр диэри тымныы мүлүрүйэр.

25.01 – күн көрдөҕүнэ, саас көтөр эрдэ кэлэр. Хаар түстэҕинэ ардахтыыр.

30.01 – ый туолуута.

31.01 – Охонооһойоп. Дьыл оҕуһун биир муоһа тостор, кыһын хонуга аччаан барар. Кыһыҥҥы кэм 188 хонугуттан аҥара 94 хонук ааһар. Бэлэмнээбит отуҥ-маһыҥ аҥара хаалар, оччоҕо кыстыгы этэҥҥэ туоруоҥ.

(Саха төрүт култуурата, II чааһа. Дьокуускай, 1992 с.  кинигэттэн).

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сааскы халаан кэнниттэн үс улуус ууттан босхолонно

Арассыыйа ЫБММ сүрүн управлениетын Саха сиринээҕи ыксаллаах быһыы-майгы управлениетын киинэ иһитиннэрэринэн, бэнидиэнньик киэһэ, ыам ыйын…

32 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка оҕону түҥнэри көттүлэр

Ыам ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай куоракка, киэһэ 19 чаас саҕана, сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону…

40 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин быраастара Докучаевскайга лапароскопическай эпэрээссийэлэри оҥордулар

Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин быраастара саҥа территорияларынан олохтоох дьоҥҥо мэдиссиинэ көмөтүн оҥороллор. Бу…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Сүбэһит: Хатыҥ уутун сүүрдүү кэмэ кэллэ

Ыам ыйын 20 күнүттэн саҕалаан биир нэдиэлэ устата хатыҥ уутун ылар кэм кэллэ.  Анаан дьарыктанааччыларга…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Андрей Федотов: байыаннай дьайыыга үрдүк технологиялаах анал тэрили тиэрдиигэ болҕомто ууруллар

РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, Саха сиринээҕи кэлим координационнай киин салайааччыта Андрей Федотов брифинг кэмигэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

«Росгвардия» Кубогар Кэбээйи боксера үһүс миэстэҕэ тигистэ

Сангаардааҕы оҕо успуорт оскуолатын выпускнига Артем Бутко Сочига ыытыллыбыт боксаҕа чөмпүйэнээтигэр боруонса призера буолла. [gallery…

1 час ago